Buch lesen: «Булумньу оҕо»

Schriftart:

Сэһэн
Булумньу оҕо

I

Сааскы ылааҥы күн. Быйыл сүрдээх тымныы саас буолла. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр диэри түүнүн тоҥорор, күнүһүн ириэрэр буолан, улаханнык сылыйа илик. Дэлби мууһуран, киһи сэрэнэн хаамар. Кырдьаҕас өттө, халтарыйартан куттанан, таһырдьа мээнэ тахсыбаттар. Хата, икки хонуктан бэттэх сылыйан, дэриэбинэ иһигэр саҥа уу-хаар тахсан эрэр.

Витя учууталыттан мөҕүллэн, аат харата саллаҥнаан иһэр. Иннигэр кыра кылаас уолаттара чалбаҕы күдээритэ ыһан ааспыттарыгар да кыһаммата. Уруккута эбитэ буоллар, кинилэри өрө ыйаан таһаарыа этэ.

«Босс» аттынан итинник аанньа ахтыбатахтыы бадарааннаах ууну ыһан ааспат буоллахтара дии. Олорор уулуссатыгар билиҥҥитэ кини «тойон», атыттара бары кыра кылаас үөрэнээччилэрэ, онон саатар бэйэтин уулуссатыгар «бөө» диир ини. Ийэтэ айманарын санаатаҕына, киһи эрэ буоллар, син хараастар. Төһө да мөхтөр, сороҕор ытыһын ботуччу тутан охсуолаатар даҕаны, ийэтиттэн атын киниэхэ кыһанар киһи суох. Буруйдарын аҕатыттан кистээн муҥнанар, онон «оҕонньор» оҕото үөрэнэр-үөрэммэт икки ардынан сылдьарын, сотору-сотору буруй оҥорорун, атыннык эттэххэ, пиибэлиирин, табахтыырын билбэт. Аҕатыттан толлорун ааһан куттанар. Дьэ, билигин дьиэтигэр тиийэн туох диир? Оскуола салалтата «төрөппүттэрэ суох кэлэ сорунума» диэн бүгүн үүрэн таһаардылар. Урукку өттүгэр инньэ диэччилэрэ суох этэ. Мөҕөн баран тохтууллара. Сэрэтии, кытаанах сэрэтии, быыгабар биэрэллэрэ, эбэтэр кылаас мунньаҕар дьүүллүүллэрэ, ийэтин ыҥыраллара. Оттон билигин оскуолаҕа төрөппүттэрин иккиэннэрин ыҥырдылар. Витя киһи эрэ буоллар, ийэтэ уонна аҕата сирэй-харах анньалларыттан санаарҕаан, быһыччы көрбүт кыараҕас хараҕа эбии кыараата, сирэйин энньэччи туттан, атаҕын соһо тардан хааман саллырҕайдаан истэ. Төһө да бириэмэтин тарда сатаабытын иһин дьиэтэ хараҕар эбии улаатан дьэндэйэн көһүннэ. Икки этээстээх, маҥан өҥнөөх евроматырыйаалынан бүрүллүбүт коттедж дьиэ нэһилиэнньэни тупсарыыга көҕүлүүр күүс буоларыттан ийэтэ астынар аҕай. Сыл ахсын дьиэтин таһын саҥардыыга, көҕөрдүүгэ, бэйэтэ этэринии, «булугас өйүнэн» саҥа идиэйэни тобулан таһаарар. Ол толкуйдаммыты аҕалара сатабыллаах илиитинэн оһуордаан-мандардаан оҥорботоҕуна, саатар урукку тутууларын кырааскалаан тэйэр, эбэтэр уһаайбатыгар суох отонноох мас ханнык эрэ көрүҥүн олордон үөрэр-көтөр. Сайынын дьиэлэрин таһа киһи хараҕа таптыы көрөр сиэдэрэй сибэккилэринэн киэргэйэрин, араас отонноох мастар ситэн-хотон силигилии туралларын, оннооҕор Витяҕа сылдьар мэник-тэник табаарыстара сэргии көрөөччүлэр.

Уол, дьиэтигэр санньыччы туттан киирээт, төрөппүттэрэ куукунаҕа эбиэттии олороллорун биллэ: минньигэс эттээх борщ сыта дьиэни биир гына тунуйбут. Сахалыы оһуорунан киэргэтиллибит, сүрдээх тупсаҕайдык оҥоһуллубут кирилиэһинэн, уруккутун курдук өрө сүүрэн тахсыбакка, оргууй сүгүллэн таҕыста. Хараҕа истиэнэҕэ ыйанан турар чаһыга быраҕылынна, эбиэт бүтүө билигин да ыраах. Аҕата нэһилиэк дьаһалтатыгар кылаабынай экономиһынан үлэлиир, хонтуората чугас буолан үлэтигэр оруобуна биэс мүнүүтэ иннинэ тахсар. Уол, төһө кыалларынан бириэмэтин тарда сатаан, көстүүмүн сүрдээх бытааннык уһулан ыскаапка ыйыы турдаҕына, ийэтин саҥата чаҥкыныы түстэ:

– Витя, аһаабаккын дуо?

– Аһыам, – уол, хаҕыстык эппиэттээт, хоһуттан куукунаҕа түстэ. Сэрэйбитин курдук, аҕата, туохха да наадыйбаттыы туттан, аһыырын быыһыгар хаһыат ааҕа олорор.

– Туох буоллуҥ, «иккини» ыллыҥ дуо? – ийэтэ уолун иннигэр буруолуу сылдьар толору мииннээх тэриэлкэ-ни уурда.

– Суох, «иккини» ылбатым, – Витя миинин иһэрин тохтотон илиитэ туорка барда.

– Бэҕэһээ оскуола уолаттара пиибэлээбиттэр дииллэр. Участковайы ыҥыран эрэллэрэ. Онно баара буолуо, тоҕо эрэ наһаа саппаҕырбыт көрүҥнээх. Бэҕэһээ киэһэ мин утуйуохпар диэри дьиэтигэр суоҕа, – аҕата хаһыатын ааҕарын тохтотон уолун ачыкытын аннынан күлтэччи көрөн ылла.

– Аньыы даҕаны! Оҕону ол-бу диэн. Эн, киэһээҥҥи сонуну көрөөт, утуйарга бараҕын буолбат дуо? – ийэтэ көмүскэһэн өс саҕа буола түстэ, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, саннынан күүскэ садьыаланан ылла.

– Чэ, бэйэҕит биллэххит. Ол эрээри пиибэ иһиэҥ, буруйу оҥоруоҥ, сэрэппэтэҕэ диэйэҕин, төбөҕүн быһа тардыам! – диэт, аҕата уолугар сөмүйэтин чочоҥнотто.

– Урут бастаан уолгун иитэргэ төһө бириэмэни биэрбиккин ааҕан-суоттаан көр, ол кэнниттэн төбөтүн быһа тардаар, табаарыс кылаабынай экономист! – Алевтина Илларионовна томтоллон туран хадьардаста.

Аҕалара тахсан барарын кытта, ийэтэ остуолга эбии туорт аҕалан уурда.

– Чэ, тукаам, мин маҕаһыыммар таҕыстым. Эн бүгүн ханна да барбакка уруоккун аах. Экзамеҥҥыт ыган кэллэ буолбатах дуо? БКЭ-ни хайдах эмэ туттарарыҥ буоллар, үөрэххэ киллэрэн көрүллүө этэ.

– Ийээ, мин син биир БКЭ-ни кыайан туттарбаппын. Күһүн Суоттутааҕы СПТУ-га барыам, – уол, атаахтаабыт куолаһынан хардарарын быыһыгар, өйөннөрүүлээх олоппоһугар тиэрэ түһэн араастаан хаадьаҥнатан ылар.

– СПТУ-га барыаҥ кэриэтин дьиэҕэр олоруоҥ. Сыл устата бэлэмнэнэн эһиил эмиэ туттарсыаҥ буоллаҕа, – ийэтэ уолун саҥатыгар суолта биэрбэтэхтии эппиэттиир, – үөрэххэр кыһан, баара-суоҕа балтараа ый хаалла, ону тулуй. ¥өрэххин этэҥҥэ түмүктээтэххинэ, оҕобор спортивнай матасыыкыл ылан биэриэм.

– Массыына ылан биэриэм диэбитиҥ дии.

– ¥өрэххэ киирэн, маҥнайгы кууруһу бүтэрдэххинэ, ол да көстүө, – ийэтэ уолун саһархай ньалака баттаҕын сымнаҕастык имэрийэн ылар.

Витя ийэтэ тахсан истэҕинэ, улаханнык буруй оҥостубатахтыы туттан туран, оскуолатын илдьитин иһитиннэрэр:

– Ийээ, эйигин оскуолаҕа ыҥырбыттара.

– Тоҕо?.. – уолуттан эппиэт күүтэн көрдө да, харда ылбакка, бэйэтэ бэйэтигэр эппиэт булла, – иллэҥнэрэ бэрт буолан ыҥыран биэрэллэр ээ. Ааспыт сырыыга эмиэ солуута суохха ыҥырбыттара.

– Төрөппүттэрэ суох оскуолаҕа кэлэ сорунума диэбиттэрэ.

– Эҥин араас буолбатыннар, билигин мин кинилэргэ тиийиэҕим! – ийэтэ, кыыһырдаҕына буоларыныы, тыастаахтык тиҥилэхтээн тахсан барда.

Витя компьютерын холбоон оонньуу олордоҕуна төлөпүөн тырылаата. Уол хаста да ылымаары гынан баран «баҕар, Стасик эрийэрэ буолуо» диэн туруупканы ылла.

– Алуо…

– Витюшка, бүгүн кэлэ сылдьаар эрэ, – Стасик оттомо суох баҕайытык ньуллугураата.

– Солом олох суох. ¥с чааска оскуолаҕа барыахтаахпын. Пиибэлээбиппитин ким эрэ этэн биэрбит.

– Мэлдьэс да бүттэҕэ дии. Кинилэр илэ туппатах буоллахтарына, дакаастыыр кыахтара суох. Киэһэ биир кыра мероприятиелаахпыт.

– Аҕам кэһэтээри сылдьар. Барбат инибин, – Витя сэниэтэ суохтук аккаастанан көрөр.

– Кэлбэтэххинэ туох буоларын хоҥ мэйиигэр буһаран көрөргөр сүбэлиибин, – табаарыһа, быһыта баттаталаан кытаанахтык саҥараат, төлөпүөн туруупкатын «талыр» гына быраҕар тыаһа иһилиннэ. Төлөпүөн туруупкатын саҥа уурарын кытта эмиэ өрө тырылыы түстэ.

– Алуо, Витя, тоҕо кэлбэккэ олороҕун? Түргэнник кэлэ оҕус, ийэҥ манна күүтэн олорор, – кылааһын салайааччыта Маргарита Гаврильевна чаҥкынас куолаһа чаҕаара түстэ. Витя учууталыгар хардарбакка, төлөпүөнүн ууран кэбистэ. Маргарита Гаврильевна быйыл университеты саҥа бүтэрэн кэлбитэ. 23 саастаах эдэр учуутал тылын оҕолор аанньа ахтан истибэттэр. Оскуолаҕа барыа суох киһи, ийэтэ эрэ күүтэн олорор буолан, аа-дьуо хомунан барардыы оҥоһунна. Быйыл сааскы каникулга куоракка киирэ сылдьан «Reebok» маҕаһыынтан атыыласпыт чараас кууркатын кэттэ. Маннык куурка дэриэбинэтигэр кимиэхэ да суох, уолаттар ымсыыраллар аҕай. Киниэхэ эрэ баарынан өҥнөнөн чыначчы туттан, түөһүн мөтөтөн даадаҥнаан хаамар. Арай, улахан уолаттар утары иһэллэрин көрдөҕүнэ, кирис гынар.

Оскуолаҕа киирээт, быһа директор хоһугар ааста. Ийэтэ кыыһырбытыттан сирэйэ кытара үллэн, куударалаах баттаҕа арбайан олорор.

– Игнатьев, бэттэх кэлэн тур эрэ, – Зоя Иннокентьевна, оскуола дириэктэрэ, кытаанах баҕайы куолаһынан саҥарбытын ийэтэ сөбүлүү истибэтэҕин биллэрэн чыпчырынан ылбытын уол хараҕын кырыытынан көрөн ылла.

– Бэҕэһээ пиибэ испиккин ийэҕэр эт эрэ. Быйыл хаста испиккин төрөппүттэргэр тоҕо эппэккин? – дириэктэр уолу өтөрү-батары көрөр, көмүс кылдьыылаах ачыкытын хоҥуруутун үрдүнэн өрө-таҥнары анньыммахтыыр.

– Тоҕо тута тириэрдэн испэккитий? Бэйэҕит иитиэхтээн баран, саҥа билбитэ-көрбүтэ буола олороҕут? – уол ийэтэ саннынан оонньоон садьыаланан ылбытыгар түгэхтээх кыһыл көмүс ытарҕата эйэҥэлээн ылла.

– Эппэтэх буолбатахтар, хаста да эппиттэр, бэл, илии баттаппыттар.

– Алевтина Илларионовна, мин маҕаһыыҥҥа сылдьан бэйэҕэр хаста да эппитим дии, – Маргарита Гаврильевна кырдьыгын балыттарбыт оҕолуу өрүһүспүттүү эттэ.

– Оскуолатын бүтэрэрэ балтараа ый хаалла. Хайдах эмэ гынан бүтэриэ этэ. Мааҕын планеркаҕа Витяны эбии үөрэххэ олох сылдьыбат диэн эрэллэрэ. БКЭ – оҕо оонньуута буолбатах. Витя үөрэҕэр мөлтөх, онон балачча дьарыктаннаҕына орто баалы ылара буолуо. Инникитин санаан, өссө төгүл көннөрүнэригэр кыах биэрэн, бүтэһик сэрэтиилээх быыгабар биэрэбит. Алевтина Илларионовна, уолгунаан иккиэн манна илиигитин баттааҥ, – Зоя Иннокентьевна кэпсэтии бүппүтүн биллэрэн, илии баттаппыт сурунаалын саба баттаата.

Алевтина, оскуолаттан тахсаат, уолун кирилиэскэ күүтэн туран кыыһырбытыттан куолаһа эйэҥэлиирин тохтото сатаан, тииһин быыһынан сыыйда:

– Ханна да аралдьыйбакка дьиэҕэр бар. Киэһэ кэпсэтиэхпит. Бу сырыыга баҕас аҕаҕар этэн бараммын тэйиэм, наһаалаабыккын. Ол күлүгээн уолаттары кытта куодарыһан ырааппатыҥ буолуо! – диэт, бэйэтин сааһыгар сөбө суохтук эрчимнээхтик эргичис гынан, чүмэчи курдук көнөтүк туттан, маҕаһыынын диэки кур-балдьыйа турда.

Витя дьиэтигэр саллаҥнаан иһэн, Стасик эрийбитин саныы түстэ. Дьиҥинэн, эппиттэрин курдук, БКЭ муннун анныгар ыган кэллэ. Хайдах эмэ гынан, бэлэмнэнэн, саатар «үһү» ылара буоллар, төрөппүттэрэ төлөбүрдээх үөрэххэ киллэриэ этилэр. Университет устудьуона буолан, Дьокуускай куорат уулуссаларынан, Ленин, Орджоникидзе болуоссаттарынан хаамар астык буолуо. Ону баара Стасик хампаанньатыгар киирэн хаалан кыайан төлөрүйэн биэрбэт. Бэрээдэги кэһэн, пиибэлээн, оскуоланы ситэ бүтэрбэтэх эр бэртэрин хампаанньалара. Түмсэ түстэллэр эрэ үлэ, үөрэх туһунан буолбакка, наар хантан эмэ пиибэ ылан испит, кими эмэ хайытан, эбэтэр куттаан харчы булбут, табах тарпыт киһи диэн кэпсэтэллэр. Кинини толору харчылаах «көсүлүөк», бэл, харчыларын ууран сытыарар сберкассаларын курдук көрөллөр. «Биһиги эйигин баччааҥҥа диэри тыллаахха саҥардыбакка, тарбахтаахха таарыйтарбакка өйөөн илдьэ сылдьабыт», – диэн өҥнөнөллөр. Дьиҥинэн, оскуолаҕа кинини ким да үтүрүйбэт, атаҕастаабат, Стасиктаахха тоҕо сымала курдук сыстан сылдьарын бэйэтэ да билбэт. Ити хампаанньаны кытта сылдьан ырааппатын билэр эрээри, син биир атаҕа ол уолаттар мустар сирдэригэр туораабыта эрэ баар буолар.

Сотору соҕус күрүөтэ-хаһаата суох эргэ самнайбыт дьиэҕэ тиийэн кэллэ. Хаһан эрэ хараҥа кыһыл дермантинынан бүрүллүбүтэ тырыттан хаалбыт ааны сэгэтэрин кытта пиибэ, арыгы, табах сыта муннугар саба биэрдэ. Убайа Мэхээлэ көстүбэт, бука, пиибэтин хайыы-үйэ кыанан, охто сыттаҕа. Стасик иннэлээх сап курдук бииргэ суксуруһар табаарыһыныын Никалыын дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн табах тардан сыыйа олороллор. Дьиэ иһэ бүтүннүү күөх буруонан тунаарар.

– Оо, атаспыт Витюшка кэллэ. Кэл, олорон табахтаа. «Парламент» сигаретаны боруобалаабытыҥ дуо? Мааны эрэ дьон тардаллар, – Стасик үөннээх баҕайытык туттан эппититтэн Ника күлэн ардьайбытыгар аҕыйах тииһэ атыгыраан көһүннэ. «Билэр табаҕым, сонун буолбатах», – диэт, Витя аанньа ахтыбатахтыы туттан, биир сигаретаны ылан, иккитэ-үстэ обороот, сөтөллөн хахсыйбытыгар табаарыстара буолуохсуттар күлэн алларастаһа түстүлэр.

– Витя, үчүгэй сигарета кэнниттэн пиибэнэн сайҕаннахха оһуобай буолааччы. Ийэҥ маҕаһыыныгар бара сырыт, соҕотох маанылаах уолугар биир «Медовайы» харыстаабат ини, – Стасик, дьаһайбыт киһи быһыытынан, дьыбааныгар эбии дьиппинийэн тиэрэ түстэ.

– Ийэм биэрбэт. Киниттэн хаһан да көрдөөбөппүн. Төрөппүттэрим бүгүҥҥүттэн дьиэҕэ хаайыллан олороҥҥун биир кэлим экзамеҥҥар бэлэмнэниэҥ диэн эрэллэрэ, – уол буруйдаммыттыы туттан туран уоһун иһигэр иһиллэр-иһиллибэттик ботугураата.

– Көнөргө сананныҥ дуо? Игнатьев Витя – бэрээдэктээх оҕо дэттэриэххин баҕараҕын? Куһаҕан уолаттары кытта куодарыһыаххын баҕарбаккын? – Стасик бииртэн-биир «күрүчүөктээх» боппуруостары симэ олордо. – Олус эрдэттэн үөрүмэ, биһигиттэн наһаа чэпчэкитик төлөрүйүөҥ суоҕа. Бу күннэргэ биһигини кытта биир операцияҕа сылдьыһыаҥ, оччоҕуна босхолуохпут. Бүгүн биһигини тугунан үөрдэҕин, мааҕын эппиппин умуннуҥ дуу?

– Ээ, баар, – Витя сиэбиттэн бүк-тах тутуллан кумаламмыт сүүстээх солкуобайы остуолга уурда.

– Маладьыас. Ника, маҕаһыыҥҥа тэбин. Онтон эн Витя ол биир хаппыт экзамен диигин, онно бэлэмнэнэн «биэс» сыананы ыларгар баҕарабын. Хачыгырас харчы баҕас тугу баҕарар хамсатар дииллэр, «биэс» да баар буолуо. Кэлин үрдүк үөрэхтээх мааны киһи буоллаххына, баҕар, биир эмэ пиибэни босхо иһэрдиэҥ, – Стасик күлүү-элэк гынан мүчүҥнүү олордо.

– Харчытааҕар билии ордук дииллэр, – диэн киҥинэйэн көрдө да, дьоно харчыларын ааҕалларыттан-суоттуулларыттан ордон истибэтилэр даҕаны. Ника кууркатын аҥаар сиэҕин булбакка, кэтэн буллугунайарын быыһыгар ыксал бөҕөнөн ааны былдьаһан эрэрин көрөн, Витя саппай уобуста.

– Витя, биир операцияҕа сылдьар иэскин умнума, – диэн Стасик хаһыытын кытта тэҥҥэ дьиэ аана «лип» гына сабылынна.

– Ити киһи саҥатын улахаҥҥа уурума. Оннооҕор буолуоҕу куолулааччы. Эн ийэлээх-аҕалаах киһи быһыытынан наһаа биһиги суолбутун солоомо, хайдах эмэ гынан дьалты тутун, үчүгэйгэ тириэрдиэ суоҕа, – Ника сэргэстэһэ хааман иһэн бөтүгүрээтэ.

– Итиччэ үчүгэйдик барытын ырыҥалыыр эрээригин тоҕо кинилэри кытта куодарыһаҕын? – Стасик «уҥа илиитэ», дьон барыта солуута суох киһинэн ааҕар киһилэрэ үчүгэй өттүгэр тардыһарын билэн Витя эмиэ да соһуйа, эмиэ да сөбүлүү иһиттэ.

– Мин туһум туспа. Киһини өйдүөхпүттэн дьон сирэйин-хараҕын, илиитин-атаҕын кэтээн улааппытым. Чэ, мин саҥарбыппын умун. Кэлин кэпсэтиэхпит, – Ника, уол саннын ытыһынан охсон «тэп» гынаат, маҕаһыыныгар ыксаан, сүүрэн ыһыллаҥныы турда.

II

Дьиэ иһэ уу чуумпу. Чаһы эрэ таллыргыыра иһиллэр. Бэс маһынан бүрүллүбүт сырдык хоско «Pentium-4» компьютер, кабельнай плазменнай «Samsung» телевизор, музыкальнай центр, дьиэтээҕи кинотеатр, дивиди – барыта орун-оннугар турар, сүрдээх сатабыллаах, кы-һамньылаах илии туппута, бэрээдэктээбитэ харахха быраҕыллар. Витя биир кэлим экзамеҥҥа бэлэмнэнэн сыппыта нэдиэлэ буолла. Ийэтэ дьиэттэн таһаарбат, кэлэрин-барарын кытаанахтык хонтуруоллуур, консультацияҕа доппуруос бөҕөнөн барар. Бэйэтэ да Стасиктан тэйбитин астына саныыр. Дьиэтигэр соҕотоҕун хааллаҕына, төһө кыалларынан, төлөпүөҥҥэ чугаһаабат. Хайдах да тырылаатын. Урут Стасик тарбаҕын хамсатыа эрэ кэрэх, умса-төннө түһэн сүүрбүтүнэн барара. Ника сүбэлээн этиэҕиттэн санаата бөҕөх, утарсыан санаталыыр. Былырыыҥҥыттан быһа араастаан киирэн-тахсан харчы бөҕөнү тастарда. Нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ биирдии мөһөөҕү ыллаҕына ыраатар. Ааҕыан саллар. Экзамеҥҥа бэлэмнэнэр ааттаах да, учебнигын арыйдар эрэ, халтаһата ыараан, хараҕа сабыллан барар.

Төрөппүттэрэ үлэлэриттэн кэлиэхтэригэр диэри кыһалҕата суох утуйар. Аан аһыллар тыаһын иһиттэҕинэ, олоро биэрэн, аахпытынан-суруйбутунан барар. Ийэтэ уола күнү быһа уруок ааҕарыттан астынар ахан, ыллаан киҥинэйэрин быыһыгар лууктаан-тумалаан кэтилиэт, эт буһаран сардьыгынатар. Киэһээҥҥи аһылыктарыгар арыы-сыа иҥмит тотоойу аһылыгы аҕатынаан астына мотуйаллар.

– Хайа, бүгүн төһө элбэҕи аахтыҥ? Консультацияҕар сырыттыҥ ини? – ийэтэ ас астаан икки иэдэһэ тэтэрэ кыыспыт, кыһыл, күөх хаймыылаах фартугунан сап-сыммахтаан ылар.

– Тугу аахпыт үһүө, сэрэйдэхпинэ, оҕонньор утуйан оҥторо сытта ини, – аҕата хортуоппуйдаах кэтилиэти мотуйарын быыһыгар күлэн күһүгүрүүр.

– Эн итинтэн ордугу булан этиэҥ дуо? Оҕоҥ оскуолатын бүтэрэн, үрдүк үөрэххэ киирэрэ эйиэхэ олох наадата суох буоллаҕа.

– Кырдьыгы этиттэримээри гынаҕыт дуо? Бэйэм уолбун курдаттыы билэр буоллаҕым, – аҕата Сэмэн Сэмэнэбис хараҕын кыарата-кыарата сүрдээх үөннээхтик симириктээн көрөр. Витя төрөппүттэрэ куруутун баайсар аҥаардаах кэпсэтэллэригэр үөрэнэн хаалан, аахайбакка, иһэ ыларынан кэтилиэти балачча сиэтэ. Ыга топпут киһи быһыытынан, үөһэ хоһугар тахсан, оронугар тиэрэ таһылла түстэ. Нуучча тылыгар экзамены оскуолаларыгар туттараллар. Видеонаблюдениены туруораллар дииллэр да, наһаа туруорбаттар ини. Туруордахтарына иэдээн, олох билбэт, проваллыырыгар тиийэр. Учууталларыгар эрэнэр, наһаа да барытын оҥорон биэрбэтэллэр, син биири-иккини этэн биэрэллэр ини. Хайдах эмэ токур «үскэ» туттар-быт киһи биир эмэ үөрэххэ киирэн көрүөм этэ. «Харчы оннооҕор буолуоҕу хамсатар» диэн Стасик эппитигэр дылы. Түннүккэ туох эрэ «топ» гынар тыаһыттан кулгаах-харах буолан олоро түстэ. Иһиллээн чөрбөйө олордоҕуна, түннүккэ эмиэ туох эрэ охсуллар тыаһа иһилиннэ. Стасиктаах буолуо диэн түннүккэ чугаһаамаары гынан баран, бука, сорук-боллур Ника турдаҕа дии санаан, жалюзины сэгэтэн көрдө. Сэрэйбитин курдук, Ника уулуссаҕа унньуллан турар. Витя билигин тахсыам диэн бэлиэ биэрдэ. Кирилиэһи сүүрүүнэн түһэн истэҕинэ, ийэтэ дьыбаантан өндөс гынна:

– Ханна бардыҥ?

– Суох. Билигин киириэм, – уол, ийэтигэр кылгастык эппиэттээт, тахсан барда. Калитка таһыгар Никаҕа кэтиллэ түстэ.

– Доо, иэдээн буолла. Стасик түбэстэ, – Ника ыксаабытыттан хараҕа сүүрэлэс, сүүһүгэр көлөһүнэ бычыгыраабыт.

– Ол туох иэдээнэ буолла?

– Бэҕэһээ «Сайдам» маҕаһыыҥҥа операция оҥорорго быһаарыммыппыт. Эйигин ыҥыртара ыыппыттарын ийэтэ ыыппат диэн эппиэттээбитим, – Ника өҥнөммүттүү туттан хараҕа чаҕылыс гынар.

– Маладьыас, сөпкө гыммыккын. Ийэм хонтуруоллуур ахан. Сарсын дьонум куоракка бараллар. Онон күнүс соҕотохпун. Стасига суох эбиэттии кэлээр, – Витя таах сибиэ ыҥыран, син биир хаһаайыныгар этиэҕэ диэн санаан ылла. Төрөппүттэрэ суох, кырдьаҕас эбэтигэр иитиллибит, онтон былырыын эбэтэ өлөн, олох тулаайахсыйан, ким сээн диэбитинэн сылдьар уолу куруутун аһына көрөөччү. Дьиҥинэн, Ника олус куһаҕана суох уол. Киһи быһыытынан чычаас, холку, наҕыл, эдьиийигэр олорор да, күтүөтүнээн тапсыбат буолан, үксүн Стасиктаахха дугуйданар.

– Сарсыарда 4 чааска «Сайдам» маҕаһыын кэннинээҕи аанын тоҕо тардан киирбиппит. Элбэҕи ылар санаабыт суоҕа. Онтукайбыт баара, сигнализация туруорбуттара өрө тырылыы түстэ. Ыксал бөҕөнөн биирдии блок «Очаково», «Медовай» уонна дьааһыктартан дьаабылыка, халбаһы харбаат, олбуору үрдүнэн ыстанан куоппуппут. Дьиэбитигэр киирэрбитин кытта, тута даҕаспытынан, Альбина Афанасьевна эдьиийинээн киирэн кэлэн тараччы тутан ыллылар. «Нэдиэлэнэн биэс тыһыынча солкуобайы иннибитигэр ууран биэрбэтэххитинэ милииссийэҕэ үҥсүөхпүт» дииллэр. Алдьархайдаах дьахтар. Тута аахта оҥордулар, өссө кэргэнин төлөпүөнүнэн ыҥыран ылбыта. Ол киһи күүһүнэн барыбытыгар илии баттатта, хаартыскаҕа түһэрдилэр. «Алдьаммыт ааны эмиэ түһэриэхпит» диэн барбыттара. Стасик эйиэхэ эрэнэр.

– Мин биэс тыһыынчаны хантан булуохпунуй?

– Булбатахпытына, Сэмэнэптэр хаайыыга ыыталлар.

– Барытын төттөрү ылан барбыттар буолбат дуо? Алдьаппыт ааҥҥытын оҥоруҥ, бүттэҕэ дии. Аан ахсын хаайыыга ыыппаттар ини, – Витя төһө кыалларынан Никатын уҕарыта сатыыр.

– Умуннуҥ дуо, Стасик үс сыл условнайдаах ээ. Бу дьыала эбилиннэҕинэ, күлүүстээх хаайыыга барара чуолкай, – Ника уу-хаар баспыт хараҕынан ааттаспыттыы көрөр.

– Хантан мин биэс тыһыынчаны булуохпунуй? – төбөтүн быһа илгистэр. – ¥һүс киһигит Коля дуо, көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук.

– Онтон атын ким буолуой? – муннун анныгар киҥинэйэр. – Ийэҕиттэн көрдөө ээ. Ол оннугар эйигиттэн аны олох тэйэр. Мантан ыла эн ааккын ааттыа суоҕа, таһыччы умнар.

– Мин бэйэм да экзамен кэнниттэн куоракка бараары сылдьабын.

– Стасик илиитэ уһун. Сүгүн араҕыа суоҕа.

– Куттаан киирэн бардыҥ дии.

– Суох, суох… Ити мин Стасик саҥатын тириэрдэбин эрэ.

– Витя, тоҕо киирбэккин? Ити кимниин кэпсэтэҕин? – ийэтин чаҥкынас саҥатыттан соһуйан иккиэн «дьик» гыннылар.

– Чэ, мин бардым. Сарсын баччаларга тахсаар, кэлэ сылдьыаҕым, – Ника ыраах-ыраах уурталаан, сүүрэн атаралата турда.

– Ника уол кэлэн барда дуо? Күлүгээн… – ийэтэ үөхсэрин истэ барбакка, уол дьиэтигэр киирэн хаалла. Ийэтин кэтэһэ таарыйа холодильниктан тымныы быырпах ылан сыыйан иһэ олордо.

– Хайа, тоҕо олордуҥ? Утуй, сынньан. Экзаменыҥ бу ыган кэллэ. Маргарита Гаврильевна эрийэ сырытта. Улуустааҕы үөрэх управлениетыттан хас БКЭ ахсын представитель кэлэр эбит, ону хоннортороору көрдөһөр.

– Ээ… ону эн сөбүлэстэҕиҥ дии, – Витя, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, сирэйин мырдыччы тутунна.

– Тукаам, хоннорорбун-хоннорбоппун эйигиттэн ыйыппатым буолуо, – Алевтина уолун утары олорунан кэбистэ.

– Ийээ, мин ити тугу… ыйытаары гынабын, – Витя ыйытар боппуруоһун ыарырҕатан ыскаатары сууралыы олордо. Ийэтэ соһуйбуттуу хараҕын тэрбэс гынна. – Ити… ийээ, Стасик биһиги аймахпыт дуо? – уол кэлэҕэйдээн тардыалатан ылла.

– Хантан… Ким инньэ диирий? – соһуччу күүппэтэх ыйытыыттан чэйигэр чачайан сөтөллүмэхтээн ылла.

– Суох… бэйэм… хаһан эрэ эбэбиттэн истибитим, убайыҥ диэччи.

– Ээ, ол эбэҥ барахсан эйигин соҕотох оҕо диэн мыынан, эйиэхэ наар саастыы оҕолору убай-быраат, эдьиий-балыс оҥостоохтуур этэ. Эҥин арааһы ыйытаҥҥын. Онон-манан эргиттэххэ, киһи барыта уруу-аймах буолар ини. Эн итини тоҕо эмискэ өйдөөн кэллиҥ?

– Боруоста бэйэм ыйыттым.

– Витя, кырдьыгынан эт эрэ, Стасик пиибэтигэр харчы көрдөөн эйигин сантаастыыр дуо?

– Суох…

– Сымыйалаама… Киниэхэ икки сылы быһа харчы таспыккын билбэтэ буолуо дии саныыгын быһыылаах да, айдаан тахсыбатын диэн аҕаҕар эппэппин. Бар, чэ, утуй. Сарсын дьиэҕиттэн ханна да тахсымаар, киэһэ эрдэ кэлэ сатыахпыт. Дьиэҕэр оҕолору мунньаайаххыный, эдьиийиҥ Марианна хонтуруоллуоҕа, – ийэтэ онтон да атын үөрэтэр-такайар тыллары бэрт элбэҕи кутта-симнэ.

Витя ийэтэ киһиэхэ биллэр гына долгуйбутун муодарҕыы көрдө.

Алевтина Илларионовна хоһугар кыыһыран тилирчэхтээн киирдэ. Утуйа сытар кэргэнин уһугуннарыам диэбэккэ суорҕаны сулбу хаһыйан арыйа тарта.

– Эмиэ туох буоллуҥ? – Сэмэн Сэмэнэбис сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

– Телевизоры тоҕо көрбүтэ буолан холбуугун, син биир утуйар эрээригин, – сунууруттан тоҕо тардан телевизоры араарда.

– Хайа, бу дьахтар туох буолбутуй? Киһилии араарар кыаҕыҥ суох дуо?

– Өйдөөҕүмсүйүмэ. Эн аҕаҥ кырдьан баран эҥин араас буолбута биһиги олохпутугар күн бүгүнүгэр диэри хара бээтинэ буола сылдьар. Саатар өлөн да баран сүгүн сыппат буоллаҕа үһү, – суорҕанын күүскэ уһаты-туора тардыалаан көннөрбөхтөөн кэргэнигэр көхсүн көрдөрөн сытта.

– Ол сүүрбэччэ сыллааҕыта өлбүт оҕонньор тугу оҥордо? – Сэмэн уруккуттан аҕатын тыыталларын сөбүлээбэт буолан кыыһыра быһыытыйда.

– Аҕаҥ түннүгүн оҕото уолгун икки сылы быһа сантаастаан харчы хоро тастарбыта үчүгэй дуо?

– Акаары буоллаҕына, таһан көрдүн.

– Тоҕо эрэ атын уолаттарга кыһаммат, эн уолгун тыытар. Ити кэннигэр туох эрэ баар, арыгыһыт убайа эппит быһыылаах.

– Онон туох диэри гынаҕын?

– Туох толкуйдааҕын убай киһи хаан-уруу бы-рааккыттан миигинэн салҕаммакка эрэ бэйэҥ ыйыттаҕыҥ дии… – Алевтина кэргэнигэр өс саҕа буолан, тылынан хайаан да тыытыһан, куруубайдык эппиэттээн тэйэр.

Сэмэн Сэмэнэбис кэпсэтэн да диэбиттии түҥнэри хайыһан сытта. Алевтина сааһырдаҕын ахсын майгыта-сигилитэ эбии боростуотуйан, тугу да сүгүн истибэт, кыыһыран өрө татыакалана түһэр. Аҕатынан киирэрэ-тахсара сүүрбэччэ сыл тухары ыстаабыт ыаһа, кэбийбит килиэбэ буолар. Аҕата Сэмэн уон төгүл олоххо интэриэстээх, киирбит-тахсыбыт сытыы, иһэ-рин-аһыырын таһынан күүлэйдиирин да сөбүлүүрэ. Кыаһаан сирэйигэр сүрдээх киэҥник арылыччы көрбүт харахтаах, үрдүк көнө уҥуохтаах, сахаҕа тас көрүҥүнэн кыраһыабай оҕонньор этэ. Кини аҕатын баппатах, ийэтинии лаппычах уҥуохтаах, оҕо эрдэҕиттэн, кыыска дылы диэн, ньыламан маҥан сирэйин сөбү-лээбэт, эбиитин кыараҕас харахтаах, сымнаҕас майгылаах. Аҕата үйэтин тухары түптээн-таптаан биир тэрилтэҕэ үлэлээбэтэҕэ. Дьиҥинэн, үрдүк үөрэхтээх зоотехник эрээри, идэтинэн үлэлээбэккэ, тэрилтэлэргэ кочегарынан, харабылынан, тас үлэһитинэн үлэлээбитэ. Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы, 55 сааһыгар эдэр сүүрбэлээх кыыһы булбута. Аҕаларын саҥа тапталын дьиэнэн бары утарса сатаабыттара да, кыайбатахтара. Дьиэ кэргэҥҥэр эргилин дии сатаабыттарын, оҕонньордоро ким да «ыйааһыннаах» тылын истибэтэҕэ. Эдэр дьахтар тапталыттан эдэригэр түспүтэ, саҥа тапталын таҥара гынан үҥэрэ. Сыл ааспатаҕа, тапталлааҕа сонуна ааһан, эр киһини муор-туор тутара харахха быраҕыллыбыта. Кини Инна диэн. Даниловтар күҥҥэ көрбүт мааны кыыстара этэ. Дьиҥинэн, Инна «суорҕаныттан суоһаан, тэллэҕиттэн тэбиэһирэн, сыттыгыттан кыыһыран» силбиэтэммит, киһи улаханнык ымсыырбат дьахтара. Ыараханын билээт, куораттаан хаалбыта. Аҕалара дьиэтигэр харыс хаалан, сүөм түһэн эргиллибитэ эрээри, буруйдаах курдук туттубатаҕа, хата, санаата түспүт аатыран дэлби испитэ-аһаабыта. Эдэр таптала оҕотун төрөөт дьонугар Даниловтарга хаалларбыт, эдэр киһини кытта хоту күрээбит сураҕын истэн оҕонньор сүрэҕинэн охтубута, онтон өрүттүбэтэҕэ, сыл устата суорҕан-тэллэх киһитэ буола сытан тыына быстыбыта. Сэмэн Сэмэнэбис ийэтэ эрэйдээх кэргэнин оҕолуу бүөбэйдээбитэ, уһугулаан сытан «Айыылаах дууһаны бырастыы гын» диэн соҕотох биир этиини оҥорбута. Кэмсинэрэ диэн ийэтэ этээхтиирэ да, билбит суох, ол дьахтарын ахтан-санаан, кырдьар сааһыгар олохтон охсуу ылан, кылгас үйэлэннэҕэ. Дьиҥэр, 57 саас эр киһиэхэ саас буолуо дуо, өссө да олох, үлэ үөһүгэр олоро түһүөхтээҕэ… Куораттан аймахтара Даниловтарга үс ыйдаах оҕону таһааран биэрбиттэрэ. Данилов Станислав Семенович диэн сүрэхтээбиттэрэ, Сэмэн хаан-уруу бырааттаммыт аатырбыта эрээри, бэйэтигэр чугастык ылымматаҕа. Инна төрөппүттэрэ бэйэлэрин кыахтарынан уолу маанылаан ииппиттэрэ. Биллэн турар, пенсионер дьон кыахтара биллэрэ. Оҕо кытаанах эттээх-сииннээх киппэ уол буола улааппыта, спорка сыстаҕаһа, улууска үгүстүк тустубут сураҕа иһиллэрэ, онтон эһэлээх эбэтэ өлбүттэрин кэнниттэн кыһалҕалаах олоҕо саҕаламмыта. Ийэтин убайыгар хаалбыта, ол киһи испэтэх күнэ диэн суоҕа, уол баарыгар-суоҕугар эрэ кыһаммата. Социальнай үлэһит күһэйиитинэн Сэмэн Сэмэнэбис ол убайа буолуохсукка докумуон хомуйсан опекун оҥорбута. Сэрэйдэххэ, ол харчы пиибэҕэ эрэ барар быһыылааҕа. Сэмэн ийэтэ Маарыйа Стасигы ылыан баҕарара да, сибээстэһэрин булгуччу боппуттара. Ол үрдүнэн эмээхсин пенсиятынан кистии-саба таҥас-сап ылан биэрэрэ. Күрэхтэһэ барарыгар айанын төлөбүрүн да уйунара. «Эбэлээх эһэҥ дьүөгэлэринэбин. Оҕо сааспыт бииргэ ааспыта», – диэн быһаарара үһү. Уол ахсыска үөрэнэригэр Маарыйа эмискэ сүрэҕэ тохтоон өлбүтэ. Стасик саҕа аһыйбыт киһи суоҕа дииллэр. Таһаарар күннэригэр олбуор таһыгар турарын көрөн, Сэмэн Сэмэнэбис аһына санаан, киллэрэн бырастыылаһыннарбыта. Ийэтин төбөтүн аттыгар туран, уол туттуна сатыы-сатыы ытыы турарын тас ыала дьахтар көрөн, таһааран эрдэҕинэ кэннилэриттэн көрөн хаалбыта. Онон сэрэйдэххэ, эрэйдээхтэр кистии-саба сибээстэспит буолуохтаахтар. Стасик сотору-сотору пиибэлээн оскуолаттан тохсуһунан тохтообута. Витяттан икки сыл аҕа. Наар баппат, күлүгээн аатыран, Игнатьевтар бэйэлэрин уолларыгар чугаһаппат эрэ баҕалаахтар. Кэлин кинилэр уолларын булар буолла. Кимтэн эрэ аймахтыыларын истэн, соруйан бөппүрүөктэһэн гынара буолуо дуо? Кырдьыгы кистээбэккин, хаан-уруу аймаҕы өрүс да уутунан сууйуллубат, кумаҕынан да аалыллыбат. Ийэтэ эрэйдээх эмискэ өлөн, тугу да эппэккэ бараахтаабыта, бырааккын көрө сырыт диэхтээҕэ буолуо да, оннук кэриэс этэр киниэхэ кыаллыбатаҕа. Ийэтэ бүтэһик сылларыгар кыһынын киниэхэ олорбута эрээри, дьиэлээх хаһаайка курдук тэҥ бырааба суоҕун, дух-дах туттарын сөбүлээбэтэ, чуҥкуйара, дьиэтин суохтуура. Муус устар бүтэһик күннэригэр дьиэтигэр көһөөрү хомуммутунан барара, оттон сэтинньи ыйга соҕотоҕун олорор кыаҕа суоҕуттан, кыһалҕаттан, көһөн кэлээхтиирэ. Онтон Сэмэн 45 сааһыгар диэри бырааттааҕын билбэтэх-көрбөтөх курдук сырытта. Дьон саҥарбат эрээри, сэмэлииллэрэ чуолкай. Стасик ийэтэ Инна арыгыһыт, эбиитин содур киһиэхэ түбэһэн, олоҕор табыллыбакка, иккис оҕотугар хаана тоҕо баран өлбүтүн туһунан сурах иһиллибитэ. Кэнники кэмҥэ наар Стасик баппатын айдаана: хас субуота ахсын кулуупка охсуспута, сайынын матасыыкыл угоннаабыта, уулуссаҕа итирик дьонтон пиибэлэрин былдьаабыта бииртэн-биир «үтүө» сурах иһиллэ турар. Ол аайы нэһилиэнньэ Сэмэн Сэмэнэбиһи бу-руйдаабыттыы көрөр курдуктар. Баҕар, санаатыгар буолуо. Убайа Мэхээлэ иһэриттэн ордон урууга-аймахха улаханнык бэһирбэт буолуохтаах, онон Стасикка наһаа этэ-кигэ сылдьыбата ини. Алевтиналыын ханнык эмэ сүбэ-ама буллахха табыллыыһы. Ити уол кини аҕатын көрбүтүнэн төрөөбүт киһи. Тиэрэ бырах, умса уур – аҕата аҕатынан. Дьиҥинэн, сыыспыт эбит, кыра эрдэҕинэ соҕотох уолугар ханыы оҥостубута буоллар, туох куһаҕаннаах буолуо этэй?

Der kostenlose Auszug ist beendet.

€2,41
Altersbeschränkung:
0+
Veröffentlichungsdatum auf Litres:
09 Mai 2024
Umfang:
100 S. 1 Illustration
ISBN:
978-5-7696-3423-9
Rechteinhaber:
Айар
Download-Format:
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Audio
Durchschnittsbewertung 5 basierend auf 1 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen
Text
Durchschnittsbewertung 0 basierend auf 0 Bewertungen