Buch lesen: «Ийэм кэпсиир… (2 чааһа)»
Күн күнүнэн солбуллан ааһан иһэр. Соҕуруу дойдуттан тылбыйар кынаттаах арааһа, хотоҕой куорсуннаах эгэлгэтэ кэлэн айманна. Араас чыычаах, көтөр саҥата биир кэм күйгүөрэн олорор. Кэҕэлэр «хайабыт ордук чөллөркөй куоластаах эбитий» диэбиттии, куоталаспыттыы күнүстэри-түүннэри этэллэр.
Маарыйа эмээхсин уолаттара Ылдьаалаах Баһылай үлэ быыһыгар иккиэн кустууллар. Куһу аҕала тураллар. Эмээхсин аҕаһын уола, сурдьа, Улахан Баһылай сонуокка ыһыыга үлэлиир, сир тиэрэр, ол сылдьан тиргэлиир, киэһэ, сарсыарда көрөр. Туһаҕыттан мэнээк куһу ылар. Сааскы айан көтөрө күнүстэри тохтоло суох аарыыр, бэл көрдүгэн, садырым уутугар толору хараарсаллар. Улахан Баһылай бэрт сымнаҕас майгылаах, сүрдээх наҕыл киһи. Кини тымтыбытын көрбүт суох. Талах тиргэтин, кус бөлдөөтүн хаатыгар киллэрдэ да, хомуйан чөкө ууран кэбиһэр, онтутун аны күһүҥҥү куска туттар.
Күнүс онно-манна, дэҥ-дуҥ саа тыаһа дор гынара иһиллэр. Сааны мээнэ чыркымай-иркэмэй аайы тыаһаппаттар, сүнньүнэн бөдөҥ көтөрү ыталлар.
Аны эбэлэргэ балык быган, бултуур дьоҥҥо хара ас дэлэйдэ. Быркылаах, Саамы диэн күөллэргэ оҕонньоттор туулаан, илимнээн быччыкыны, мундуну баһаам сиэтилэр.
Бу сыл саас букатын эрдэ баҕайы кэллэ. Халлаан сылыйдар-сылыйан, көннөр-көнөн, сир харанан көрөн кэбистэ. Күөл ырбыытыгар балык бөҕөтө таҕыста. Айылҕа барахсан, анаан оҥорбут курдук, урааннаах уһун кыһыны инчэҕэй тирбэҕэ быс
тыбатынан аат эрэ харата туораабыт үгүс дьонун абыраата. Кыанардыын-кыамматтыын кытары туулаан мунду бөҕөнү бастылар, илимнээн собо бөҕөтүн ыллылар. Сурах хоту иһиттэххэ ыаллыы нэһилиэктэргэ, балык быкпытын кэннэ, туос аччык дьон эмискэ күөл быйаҥын алыс кыайа туттан кэбиһэннэр истэрэ «хайдан» өлүтэлээбит түбэлтэлэрэ кытары иһиллэр…
Ньукуола таҥара саҕана сайылыкка көһүү буолла. Эмээхсиннээх Мундулуҥда диэн эбэҕэ сайылыктаахтар эбит. Хоһо суох, киэҥ, моойторук олуктаах ампаар дьиэ. Аҥаар муннугар сирэй оһохтоох. Миэхэ ыалым олохторун-дьаһахтарын кытары саҥа билсэр киһиэхэ барыта сонун.
Хас да сыарҕалаах оҕуһунан көһөн күккүрээтибит. Хаһан да, көһөр ыал сиэринэн, мал-сал элбэх. Эмээхсин икки ыанар ынахтаах. Биирдэрэ Муоһа Суох, атына Кучур диэн ааттаахтар. Сайылык ынахтара күҥҥэ түөртэ ыаналлар. Сүөһүлэри хомуйааччы, ыамнарыгар үүртэлээн аҕалааччы – мин.
Дьонум икки бөтүүктээхтэр, уонтан тахса кууруссалаахтар, онтуларын атырыа мастаах табаар дьааһыгар хаалаан илдьэ бардылар. Урут Кыргыдайга, Кэҥэрэччи эбэҕэ, били ийэм хамнаска үлэлээбит ыалларыгар Уйбаныаптарга сылдьан кууруссаны көрөн турабын. Бөдүөрэлээх соҕотох дьэрэкээн бөтүүктэрэ кыһыл тарааҕа эйэҥэлээн, «бытыга» салыбыраан хахаара олорорун, маҥнай утаа, сонурҕаан хаарчах быыһынан бэркэ диэн дьиктиргээн одуулаһарым. Хабдьыга майгынныыр саһархай кууруссалар куутурҕаһаллара, сири-буору тоҥсуйа-тоҥсуйа, тэһии аҕайдык чоноһон хаамсаллара – саҥа харахтыыр оҕо киһиэхэ барыта олус сонуна.
Быркылаахха ыанньык пиэрмэтин үлэһиттэрэ, сорох дьахталлар, сорук-боллур оҥостон, арааска бары сүүрдэллэрэ: ынах көрдөтөн, уу бастаран, абырҕал тонотон… Кэлин Маарыйа эмээхсин ону билэн: «Мээнэ ыал устун атах балай сылдьар оҕо курдук соруйумаҥ, бэйэм киһим…» – диэбитэ. Эмээхсин туора ыал, атын киһи соруйарын отой сөбүлээбэтэ. «Билигин бэйдиэ сылдьар, айаҕыҥ туһугар сорук-боллур ойор оҕо буолбатаххын, хас киһи тук диэтэҕин аайы, хорохоот курдук, өс хоту сүүрүмэ, көҥүллээтэхпинэ биирдэ барар-кэлэр буол», – диэн мас-таас курдук этэн турар…
Өрдөөҕүтэ бэрт кыра сири солоон бурдук оҕото ыһа сылдьыбыт сонуоктаах, тиил оҕуруоттаах өтөххө үс ыал буолан сайылаатыбыт. Өлөксүөйэп Хабырыыллаах диэн ыалларбыт уоллаах кыыс оҕолоохтор. Биирин лаппа ааһыар диэри сыҥаһалаан баран саҥа хаампыт кыыстара Биэрэ диэн. Миигин кытары араа-бараа саастаах уоллара Бүөтүр – Модьу диэн хос ааттаах. Ким да кинини Бүөтүрүнэн ыҥырбат, биир кэм Модьу да Модьу.
Сыллыыр, Балыа диэн өтөхтөр бурдук бааһыналаахтар. Барытыгар нэчимиэн ыһаллар. Өссө мантан чугас Ынаабы диэн көлүйэ күөлгэ эмиэ сонуоктаахтар, онно эмиэ нэчимиэн үүннэрэллэр. Эргиччи боотулу бүтэй, биир эмэ сиринэн бүтэй алдьанна да тута абырахтыыллар. Дьыл эрдэ кэлэн, сүөһү сайылыкка көһүөн иннинэ, оҕуһунан булууктаан, атынан боромньулаан, сорох чабычахха кутан кыбына сылдьан, бурдуктарын ыһан бүтэрбиттэр. Биһиги көһөн кэлэрбитигэр бурдук ото хайыы сахха үрүҥ күҥҥэ өрө тардыһан бытыгыраан эрэрэ.
Маарыйа сурдьа Баһылай, уолаттара Ылдьаалаах бары сайылыккалар. Өксөөн, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, Айдаҥҥа, үлэлиир сиригэр олорор.
Сайылыктар үс атыыр оҕустаахтар. Киэһэ түптэ түптэлэннэҕинэ сүөһүлэр биир сиргэ тоҕуоруһан мусталлар. Оҕустар онно көрсүһэн харсыһыы бөҕөтө. Намыһах эрээри куппут-симмит курдук эт лахса, лаппычах уҥуохтаах, будьуруйбут сүүстээх Хара Сирэй диэн оҕуһу кытары, сэлии кыыл илэ бэйэтинэн орҕостон туран сүгүллэҥнээбитинии, уот кугас, маҥаас төбөлөөх Солоҥдо диэн сүүнэ улахан оҕус баар. Ону таһынан Сэмэн Сомуорускайа диэн, модьуун сиэбитинии онон-манан кытарымтыйан көстөр түүлээх, хомуолай оҕус баара, төһө да муоһа суох буоллар, кырыылаах сүүһүнэн ханнык да муостаах оҕуһу харсыһан киһилээбэт. Ордук сүүллэрэ түспүт кэмигэр омос көрдөххө мөдөөн, нэс быһыыларыгар холооно суох сымсатык хамсанан, түптэ уоттаах күлүн өрө сүргэйэн бурҕачытан, хатыйыы бүтэйи тоҕута түһэ-түһэ харсыһыы киэнэ кытаанаҕа. Биһиги куттанан аттыларыгар чугаһаабаппыт, ыраахтан күрүө быыһынан көрөбүт. Атын сайылыктартан оҕустар кэлэн күөн көрсүһүү буоллаҕына, оҕолор, муоһа суох бэйэбит оҕуспутугар, Сэмэн Сомуорускайын диэки охтобут.
Мундулуҥда илин өтөҕөр ыанньык пиэрмэтэ сайылыыр. Онно үс ыанньыксыт отучча ынаҕы ыыллар, биир асчыттаахтар. Асчыт дьахтар үүт эрийэр, сүөгэйин арыылаан баран кыынньарар, онтуларын нолуок арыыта диэн уҥучахха ууран кэбиһэллэр. Кыынньыбыт арыы сытыйбат, отой төбүрэҕэ суох гына халбыйаллар…
Бииргэ оонньуур Киристиинэм, дьонун кытта Быркылаахха сайылыы хаалан, суох. Кылгас да кэмҥэ буоллар, оҕо дьон сиэринэн, ыкса бодоруһа охсубут уолум Чукчакыын Ньукулай Балаҕаччытыттан үөрэҕин түмүктээн кэлэн, эмиэ Быркылаахха кыстык өтөххө сайылыыр буолла. Сүрдээх сытыы, сүүрэн-көтөн дьэргэлдьийбит, сэргэх уол. Эһэтэ Лобоой Баһылай – били, Уйака эбэ муҥхатыгар мин үрүҥ тыыммын өллөйдөөн, өлүү айаҕыттан өрүһүйбүт оҕонньор. Аҕата Күүстээх Ньукулай – эмиэ бэрт сайаҕас майгылаах киһи.
Ньукулай өрөбүлүгэр кэллэҕинэ Киристиинниин үһүөн, араа-бараа саастаах дьон, кус оҕолорун курдук батыаккалаһа сылдьан, сээкэйи бары гынан саарыырбыт. Доҕор оҥостубут оҕолорум барахсаттар миигин мэлдьи, наар сыппах быһах биитинии аалар да аалар, курус кутурҕан, салаҥ ахан санньыар санаа ытылҕаныттан аралдьытан олуһун да абырыыллара… Ардыгар, ааспытын кэннэ санаатахха, киһи сонньуйуох, аһара баран күлүөх да быһылааннарыгар кииртэлээн тахсарбыт ханна барыай. Оҕолор буоллахпыт. Ким биһигини омнуолуо, баалыа баарай. Быркылаахха быр бааччы сааһаабыппыт. Өйгө-санааҕа иҥэн хаалар түгэннэр үгүстэрэ. Кэлин көрүстэхпитинэ ахтыһарбыт, санатыһарбыт…
Биирдэ Чукчакыын өрөбүлүгэр кэлиэн иннинэ ийэтэ Силбэх Маарпа сиппит тииҥ уорҕатынан кулгаахтаах, куондардаах бэргэһэ тикпитэ. Оҕо үксэ мукуу, хороох, чомпой бэргэһэ кэтэр кэмнэригэр, тимир көстүрүүлэҕэ киэптэнэн тигиллибит, тупсаҕай моһуоннаах, куондардаах, кулгаахтаах бэргэһэ, тус-туһугар улахан мааны, сонун таҥас курдук көстөрө. Маарыйа: «Эһиил кэтиэҕэ…» – диэн, быалаан таймалаан, силигин ситэрэн баран оронун үрдүгэр ыйаан тэйгэтэн кэбиспитэ… Ньукулай оскуолатыттан кэлэригэр дьоммут бары үлэлэригэр этилэр, дьиэҕэ ким да суоҕа. Уол били саҥа тикпит бэргэһэлэрин ылан кэтэн баран, ытыс саҕа сиэркилэ оҕото баарыгар көрүннэ хайаата, таска кэтэн тахса сырытта эҥин. Онтон дьиэҕэ киирбиппит кэннэ, дьээбэ муҥутаан, миигин кытары тустаары икки бүлгүммүттэн тутан баран ыыппата… Эбээ эмээхсин уолаттара, Ылдьаалаах, тоҕо эбитэ буолла, таба туркутугар тиэйэн сиргэ илдьэ сылдьар, бэрт дьаһамыр тимир оһохторун искэ киллэрэн, турбатын сирэй оһох үөлэһинэн таһааран баран тигинэччи оттон кэбиспиттэрэ, тимирэ кытаран ахан турара, онто да суох сылыйбыт сааскы дьиэ иһин үрэн кэбиһэн, аан тэлэччи аһаҕаһа.
Биһиги да дьирээ дьон буоллахпыт, тутуспутунан оһох тула хачымахтастыбыт… Киристиин адарай орон үөһэ дьоройон олорон, саллайан хаалбыт бастардаах ынах этэрбэстэрдээх атахтарынан тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ, биһиги тустарбытын көрөр, ытыстарын тас гына охсон ыла-ыла: «Муос-тиис-таас!..» – диэн, сүүллэрэ түспүт оҕустары харсыһыннаран эрэр киһи курдук, күө-дьаа буолан киксэрэн күөртүүр, күлэн чачыгырыыр… Киристиин – эмиэ бэйэм курдук тулаайах кыыс. Ардыгар, сорох күн, тугу эрэ санаан, ханнык да оонньууга, дьээбэҕэ-хообоҕо төрүт кыһаллыбакка, чачархай баттахтаах төбөтүн кыҥначчы туттан баран, уһун күнү быһа состуок иннигэр олорон тымтыгынан оһох күлүн булкуйар кыыһы сүрдээҕин диэн аһынарым…
Биир түгэҥҥэ Чукчакыыны икки харытыттан ылан баран туора садьыйбытым, уолум аттыы түстэ, били, саҥа тигиллибит тииҥ бэргэһэ туура ыстанан, кыһыл сукуна курдук кытаран турар оһох үөһэ кэлэн оройунан олоро биэрдэ… Дьэ эбэтээ, бэргэһэ баҕайы чыычыгырыы-чыычыгырыы түүрүччү сиэнэн куймарыҥнаан барда ээ… Чукчакыын тииҥ уорҕата бэргэһэтин кулгааҕыттан хаба тардан ылан аһаҕас аанынан таска кыыратта, онтута тиэргэн ортотугар халыйбыт дириҥ чалбах ортотугар түһэн баран аны булдугуруу-булдугуруу тимирээри күөгэҥнээтэ… Сүүрэн тибигирээн тахсан ууттан оруу тартыбыт. Ньукулай уол бэргэһэтин аһыйан, уоһа мэрбэҥнээн, туома ытыах курдук. Били: «Боочуук!.. Боочуук!..» – дии-дии дьиэрэҥкэйдии сылдьыбыт быһыы-тутуу, сирэй-харах ханна да суох. Ийэтэ Силбэх Маарпа кытаанах соҕус майгылаах дьахтар этэ. «Дьэ иэдээн, уолу бүдүрүтэммин бэргэһэни сиэттэхпин… мөҕүллэр киһи буоллум ээ…» дии санаатым.
Сотору эбээ эмээхсин Маарпаны кытары хантан эрэ аргыстаһан кэлэн дьиэҕэ киирбиттэрэ.
Чукчакыын ийэтэ сонно тута:
– Хайа, бу туох кэҥэрдиитин сытай, нөйөн? – диэн ыйыта охсубута.
Онуоха Ньукулай уол барахсан:
– Ээ… ити… бэргэһэни кэтэн көрө сылдьан, алҕас төлө тутан, оһох үөһэ түһэрэн түүрүччү сиэтэн кэбистим… – диэн буруйдаах киһи быһыытынан, кирик-хорук тутта-тутта саҥарта. Чукчакыын, хор, ол курдук миигин үҥсэн биэрбэтэҕэ. Ньукулай ийэтэ да уолун улаханнык мөхпөтөҕө, көннөрү, сиэр быһыытынан, кыратык саҥарбыта эрэ. Кэлин, ааһыах-ааспытын кэннэ, ити түбэлтэ умнуллан эрдэҕинэ биирдэ эрэ, быһылаан ис дьиҥэ хайдаҕын кэпсээбиппит…
* * *
Сир туртайыар диэри хаардаах, тыаллаах-куустаах, хас да күннээх хачаҥха кэнниттэн, халлаан эмискэ төлө баран сылыйбытыгар, кураанах кус күнүстэри-түүннэри эбии түркүннээн айаннаата. Улахан Баһылай көһөн кэлбит күөлбүтүгэр үгэһинэн тиргэлээтэ. Күн аайы айахпытыгар тото сиир куспутун аҕала турар. Кыра Баһылай Ылдьаалыын сатыы, чугас эргин, Саамы эбэнэн эҥин эргийэн кустууллар. Ол сылдьан Баһылай икки хоҥор хааһы өлөрөн аҕалла, кини кэнниттэн Ылдьаа эмиэ кыра лыглыйа хааһы бултаата. Мин ынах хомуйабын, ардыгар күннээҕи сиир бурдукпутун эҥин тардан, сээкэй ииспэрэй-тааспарай үлэни үлэлээн, арааһы түбүгүрбүтэ буолан күммүн барыыбын.
Сүөһү көрдүү сылдьан үөһэнэн кылбаа маҥан кубалар, үөр хаастар сэлэлии көтөн ааһалларын үгүстүк көрөбүн, үрэх ээйигэр, хаста да, туруйалар түһэн олороллоругар түбэһэ сырыттым. Тыа иһигэр, хонууга, сыһыыга араас чыычаах, көтөр саҥата биир кэм күйгүөрэн олорор. Садырым, ырбыы уулара толору кус, чөкчөҥө бииһин ууһа хото кэлэн эймэҥнэс. Итиннэ «мээт-муут», манна «мээт-маат». Ханна эрэ уу оҕуһа «мөҥүрүүрэ» иһиллэр, лоокуут чөкчөҥө: «Лоокуут!.. Лоокуут!.. Лоокуут!..» – диэн тохтоло суох айманар… Күөрэгэй, кыырпах да былыт сыстыбатах киэҥ нэлэмэн халлаан иэнигэр өрө тырыбынайан тахса-тахса, биир кэм дьурулуур-дьирилиир, ити гына-гына сэмээр талбаара сарыкынайан, тэлээрэ-тэлээрэ, дулҕа быыһыгар түһэн кирийэр. Үгүрүө: «Куду-куду-кудук-кудук!!!» – дии-дии үөһэттэн үлтү түһээри сурулуур…
Сааскы халаан уутун тото иһэн уһуктубут айылҕа барахсан кэрэ көстүүтэ, тыллан эрэр күөх тунах тыа сииктээх сүмэһинин сөрүүн сыта сүрэҕи-быары сылаанньытан, сайа охсон киирэрэ астыга сүрдээх.
Биир күн Маарыйалаах кырдьаҕас ынахтара Муоһа Суох мэччийэ баран баран кэлбэтэ. Эмээхсини кытары киэһээ ыам кэннэ сүөһүбүтүн көрдүү бардыбыт. Муоһа Суох төрөөрү синньээн, чугаһатан сылдьара.
– Таах ыытан кэбиһэммин, хайаан да сиргэ төрөөтөҕө, – эбээ бэйэтин-бэйэтэ мөҕүттэр. Син киэҥ сиринэн тэлэһийэн, тайаан көрдөөтүбүт да мэлийдибит. Онтон, соһуйуохпут иһин, төннөн иһэн отой да дьиэбит таһыттан булан ыллыбыт. Ыарҕа талахтаах хойуу чэчир быыһыгар төрөөн кэбиспит. Онтубут өссө, кырдьаҕас ынах диэтэххэ, оҕотуттан көҥөнөн маҥнай утаа орулуу-орулуу соҕотох муоһунан кэйээри силбиэтэнэр. Сүөһү да майгыта араас буолар. Үчүгэйкээн баҕайы маҥан эриэн тыһы тарбыйахтаммыт, хайыы сах атаҕар турбут, үҥүлүйэ-үҥүлүйэ ийэтин эмэн соппоҥнотор, тойтоһуйан хата сүрдээх. Маарыйа эйэ дэмнээхтик ынаҕын кытары эйэргэһэр, эмиэ да мөҕүттэр:
– Сиргэ төрөөн кэбиһэ-кэбиһэ өссө ол-бу буолар, итиччэ турбут ньирэйдээх аата тоҕо кэлбэккин, – эмээхсин ынаҕын ситии быанан быалаан сиэтэр, торбоһо кэнниттэн батыһар, оҕо оҕото өтөн, тэбиэһирэн, мэҥирии-мэҥирии, кутуругун өрө хоротон баран, мэниктээн өрө тэбэ-тэбэ, төттөрү-таары сүүрэкэлиир. Муоһа Суох субу-субу кэннин хайыһан оҕотун диэки көрөн ылар, ис-иһиттэн эҥсэн ыҥыранар.
Ынахпытын хотонугар аҕалан баайдыбыт. Тарбыйаҕа ийэтин уоһаҕын түөрэтин эмэн кэбиспит. «Бастакы төрүөх уоһах алаадьытын амсайбат дьон буолбуппут…» – диир эмээхсин.
Тыһы тарбыйахпыт атын баҕайытык туттан тойтохоччуйа хаамарын иһин Тойторук диэн ааттаатыбыт.
Ньукуола кэннэ аны үөл кус, ону даҕаспытынан халыҥ үөрдээх бараах ууһун арааһа тоҕо анньан кэллэ. Бэл биһиги дьиэбит аннынааҕы кыра көлүйэ ырбыытыгар умсаахтар түһэллэр. Атыыр ханай саҥата «тардырҕаан» олорор. Хотоҕойдорун хомунан кэбистэхтэринэ кыытта маҥан түөстэрэ кылбайар, сытыы кынаттарын тулаайаҕа эмиэ, сото тардыбыкка дылы, үрүҥ куорсуннардаах.
Баһылайдаах Ылдьаа аҕалбыт кустара үксэ умсаах. Ылдьаа:
– Манчыыкка түһүмтүө, сымнаҕас кус, – диир. – Холбоһоро да бэрт, иитиини да киһи баһаам кэмчилиир, – ыалбыт бэрсибит уоһах алаадьыларын эмис ханай бөтүөнүн кытары холбуу ыстаан сии-сии кэпсиир. Чыркымайы «кыра кус» диэн отой ыппаттар. Саалаах да киһи аҕыйах, лааппыттан саа сэбэ атыылаһан ылан ииттэллэр. Бэл Айдаҥҥа түүн олорон кустуур киһи суоҕун да кэриэтэ, дьон күнүс үлэлэрин быыһыгар айахха сииллэрин үөмэн ытан ылаллар.
Саар Көстөкүүн таҥара күнүн эргин аны андыны мэнээк бултаатылар…
Бурдук ыһыытын кэннэ холкуостаахтар арыый да нуҥ-наҥ буолан, окко киириэххэ диэри кэм сололоммукка дылы кэмнэрэ.
Кус түркүнэ ааспытын кэннэ Маарыйа эмээхсини кытары Тыллаах диэн көлүйэ күөлгэ көтөр сымыыттаатыбыт. Үксэ тыыраахы сымыытын хомуйдубут, кус сымыыта дэҥнэтэн көстөр. Тыыраахы улахан бөрөөһүнэ суох уйатыгар сороҕор биир, сороҕор икки сымыыт сытар буолар. Уйата дулҕа төбөтүгэр, үксүн кутаҕа. Кыһын кытылын кытары силбэһэ тоҥмут кута өссө да ирэ илик. Сонос соҕус үөл тайах мастаах, сэрэнэн сылдьан ылгыыбыт. Мин тыа диэки өттүнэн хаамабын, эмээхсин үөскэ киллэрбэт, бэйэтэ үөрүйэх киһи үөстээҕини хомуйар. Ыаҕайа түгэҕэр от үргээн уган баран сымыыппытын онно мунньабыт, биир-биир тус-туспа ыаҕайалаахпыт. Дьиэбитигэр аҕалан бүтэйдии буһаран сиибит, бэрт минньигэс, тотоойу ас…
Дьон от үлэтигэр бэлэмнэнэн оттуур тээбириннэрин сөргүттэллэр, саҥаны да оҥостоллор. Улахан Баһылай, өссө хаардаахха быһан киллэрэн, эрдэ хатарбыт маһынан хас да кыраабылы, чомойдоон эҥиннээн, кыһан, кыладыйан кэбистэ. Сылын аайы харыстаан ахан илдьэ сылдьар «буускап» хотуурун, кыҥыы-кыҥыы кылааннаан, уһун күнү быһа бэркэ кичэйэн таптанна. Ылдьаалаах эмиэ оттуур сэптэрин-сэбиргэллэрин көрүннүлэр. От ыйын саҥатыгар Күүлэлээххэ баран ходуһаларын көрүннүлэр. Улахан Баһылай:
– Син хорускалатыыһы быһыылаах, сиэмэтэ үчүгэй, – диир.
– Былырыын да куһаҕана суоҕа, быйыл да ол аата үүнүүһү дии, – эмээхсин уолун тылыттан эгэ-дьэҕэ буолар.
Сайыҥҥы сүрүн аһылыкпыт – балык. Биир эмэ күн, ардыгар, лэппиэскэ буһаран сиибит, сороҕор бурдугу хааһы гынан үссэнэбит. Курупчаакы бурдук дэҥ көстөр, алаадьылаан сырдьыгынаттахтарына минньигэс ас диэн ол.
Маарыйа эмээхсин сурдьун дьон Улахан Баһылай диэн ааттыыллар. Балыксыппыт кини. Хас да кыл илими силбэҕирдэҕинэ ыраастыы-ыраастыы, таһааран аргыга ыйаан куурда-куурда үтэр. Бэйэтэ баанар, оҥостор буолан илимэ элбэх. Араас харахтаах. Ойуурга тахсан кытыан быһан киллэрэр, кыһыйан баран төгүрүтэн таастыган оҥорор, онтутугар кыракый, анал хомуйбут таастарын баайталыыр. Туоһу оргуйа турар ууга уган түүрдэрэн баран, ытыһынан хатайдаан хотоҕостуур. Ньилбэгэр сылгы кылын хатан ситимниир. Ситими үксүн, үлэҕинэн, эмээхситтэр хаталлар. Улахан Баһылай өссө туу өрөр. Тыаттан көбүс-көнө саастаах маһы талан, көрдөөн, булан киллэрэн туу маһа диэни тыырар. Ээйтэн силис тардан аҕалан дэлби эллиир, быһах ончоҕунан сарыы курдук сыыйар, дьэ уонна онтун наар ууга уга сылдьан, били, тыырбыт маһын холботолоон туутун өрөр. Өрөн бүттэҕинэ ордубут силиһин ылан чөкө ууран хатаран кэбиһэр, хаһан эрэ эмиэ туу өрөөрү гыннаҕына, сиигирдэн «тилиннэрэн» баран туттар. Туутун киспэлииригэр киһи ылгын чыҥыйатын курдук титириги быһар, хатырыгын хастаан, ньылбы тутан баран бүк баттыалаан имиллэҥнэтэн киспэ оҥорор. Туута үс киспэлэнэр. Ардьа диэн ааттанар туу маһа атырыа, бөдөҥ быччыкыга, собоҕо аналлаах. Онон Улахан Баһылай туулаан, илимнээн балыгы баһаам сиэтэр. Соботун сороҕун отчуттарга биэрэр, онтутугар көлөһүн күнэ аахсар. Бастыҥ үлэһит ыйга биэс уон көлөһүн күннэнэр. Сыл бүтэһигэр, ахсынньыга, дохуот үллэстиитигэр ким элбэх көлөһүн күннээх ол көнөр. Сорох дьон, элбэх тыынньалаах тиийиммэт-түгэммэт өттө, эрдэ абаансанан наһаа аһаан, ылан иэстээх да хаалаллар. Араас ханна барыай…
Окко эрэ киириэх иннинэ Балаҕаччыттан Дьөгүөссээн уола Дьөгүөрэп Бүөккэ диэн, Үһүс Күүлэттэн «Калинин» аатынан холкуоска ааҕар балаҕаҥҥа үлэлии кэлбит киһи, атынан мэтэһитэн тиийэн кэллэ. Сэриигэ ыҥырык, бэбиэскэ аҕалбыт. Атын тэлгэһэ таһынааҕы сэргэҕэ баайан баран, биһиэхэ киирэн чэйдээтэ, ат барахсан бүтэй куйааска тиритэн түүтэ будьуруйа ирбинньиктэммит. Бүөккэ сэриигэ баран баран уҥа илиитин үс тарбаҕын быһа ыттаран ааспыт кыһын эргиллибит, атаҕар эмиэ улахан бааһырыылаах үһү дэһэллэр. Биһиэхэ, оҕо дьоҥҥо, доҕолоҥнообот буолла да өлүөр киһи курдук көстөр. Бүөккэ Дьөгүөрэп куйаас күн үүнэн уруттаабыт киһилии ньылҕаарыччы тириппит, кособоруокка ырбаахытын көхсө көлөһүнэ иҥэн тууһуран кубарыйбыт, утаппыта бэрдиттэн, сойо хайыы барбакка, сөрүүн ымдааны харса суох кудуччу иһэр киһи буолан биэрдэ. Бэйэтэ да от ыйа саҕаланыаҕыттан сирилэтэн түһэн куйаас күннэр сатыылаатылар.
Кыра Баһылайга бэбиэскэ аҕалбытын туттарда. Дьиэ иһинээҕилэр бары кэри-куру, куһаахарык буола түстүбүт…
Сорукка кэлбит киһи уһуннук олорбото, салгыы тустаах дьонугар бэбиэскэлэрин тиксэртии барда, сорох эрдэлээбит дьон ходуһаҕа киирбит кэмнэрэ этэ. Хас туттарбыт киһитин аайы хайаан да илии баттатар. «Свердлов» холкуос дьонугар, Бүлүү оройуонун байыаннай хамыссарыйаатын аатыттан, уонча киһиэхэ итинник ыҥырык кэлбит.
Убайдара бэбиэскэлэммитин истэн киэһэ Айдаҥтан, биир акка мэҥэстэн, Өксөөннөөх Маарыйа кэллилэр. Бу түүн манна, Мундулуҥдаҕа хоннулар. Сарсыныгар Өксөөн Баһылайы кытары аргыстаһан Балаҕаччылаата.
Модут, Дьооху, Кыргыдай, Хаҕын, Хахсыт, Үөлэс сэриигэ барааччылара түөрэ Балаҕаччыга мустан, бары бииргэ түмсэн, Бүлүү куоратыгар барыахтаахтар үһү.
Маарыйа эмээхсин уолун атаарарыгар дьүһүнэ-бодото уларыйан, бэрт дьиктитик дьэбирсийэн хаалла, хаастарын түрдэтэн, көмүскэлэрин иһэ уунан туолан дьирибинэстилэр… Кыргыттар, Маарпалаах Маарыйа, ийэлэрин эбии аймаамаары долгуйбуттарын кыана тутта сатаатылар… Настаа кэргэнин атаарарыгар, сөмүйэтин кырыытын ыстыы-ыстыы, кистии-саба ытамньыйда. Арай Өксөөн, бөҕөх киһи, өрүү да холку, уйадыйбытын, кэбирээбитин төрүт биллэрбэтэ. Хата күлүүтэ-оонньуута сүрдээх, ол майгыта түмүккэ дьонун санааларын кытары көтөхтө…
Өксөөн убайын атааран баран, ол киэһэ Мундулуҥдаҕа төттөрү кэллэ. Көлө төннөрө барсыбыт оҕолордуун, барыта биэс уонча аттаах киһи мустан бииргэ хоҥнубуттар үһү.
Куоракка барааччылар аттаммыттара хас да хоммутун кэннэ, ат төннөрөөччүлэр бөрүкүтэ суох сонуннаах кэллилэр. Аара баран истэхтэринэ, Лууку Үрэҕэ диэҥҥэ тохтоон, холун тардынан сынньанан ыла түһэр кэмнэригэр, икки киһилэрэ, ыт мунна баппат ычыкынын иһигэр түһэн, куотан хаалбыттар. «Свердлов» холкуос дьоно эбит: Буолкап Бүөтүр Баһылайабыс уонна Уйбаныап Өндөрөй Никииппэрэбис диэннэр. Куораттан тахсыбыт хамыһаар хас да киһини кытары көрдөөн көрбүттэр да булбатахтар. Кэлин милииссийэлэр тахсан эмиэ, чугас эргин сири ордорбокко, онон-манан бары сыбыытаатылар, бэл түүн дьиэлэригэр тоһуур оҥорон көрө сырыттылар да, сүппүт дьон син биир көстүбэтилэр. Куоппут «диһэртиирдэр», ууга тааһы бырахпыттыы, таһы-быһа мэлийдилэр…
Сотору холкуос отчуттара ходуһаларыгар киирбитинэн бардылар. Маарыйа эмээхсин миигин улахан дьону кытары окко сырытыннарбата.
Дьиэҕэ хаалан эбээҕэ сээкэйи көмөлөһөбүн: оҕо көрсөбүн, бурдук тардабын, ынах хомуйабын уонна биир сүрүн, аналлаах үлэм диэн, уот күөдьүтүүтүгэр тыаттан амынньыар, хаппыт мас тоһутан, ардыгар сүгэнэн быһыта сынньан, сэбэһэ быанан сүгэн аҕалабын.
Ынахтары күҥҥэ түөртэ ыыллар. Кумаар, күлүмэн сүүллээн түһэн биир кэм кыынньар, ол иһин түптэ түптэлиибит. Оччоҕо сүөһүлэр соччо ырааппаттар, мэччийэн кэлэ-кэлэ түптэ буруотугар, уһун кыламаннаах харахтарын симириктэтэ-симириктэтэ, кэбинэ сыталлар.
Биһиги да дьоммут уһаабатылар, Бөтүрүөп таҥара күнэ ааспытын кэннэ Улахан Баһылай кийиитэ Настааччыйалыын хотуурдарын сүгэн Күүлэлээхтэригэр охсо бардылар. Огдооччуйа хонуу биригэдьиирэ буолан отчуттарын кэрийтэлиир, ким төһөнү охсубутун ачарбааһынан кэмниир уонна бэлиэ тоһоҕо анньан баран дьаралык кыбытар. Онон көрөн хас биирдии киһиэхэ тус-туһунан көлөһүн күнэ ааҕыллар. Хонуу биригэдьиирэ отчуттарын кэрийэн баран, дьонун кытары тэҥҥэ оттоһор.
Бырдах сүүллээн түһэн кыймаҥнас, куйаас күн күлүмэнэ биир кэм эймэнэн олорор.
«Быйыл от үүммүт…» диэн дьон кэпсэтэллэрин истэбин. Эбээ эмээхсини кытары ынах ыамын быыһыгар өтөхтөрү хоруйабыт. Огдооччуйалаах уоллара Баһыычаан оҕолору кытары хаалар. Маарыйа: «Баҕар миигин кытта сылдьан от охсуһуо, кыра хотуурда таптайан биэр…» – диэбитигэр Улахан Баһылай сонно тута, тутарбар-хабарбар сөрү-сөп, бэрт чэпчэки уктаах, дьаһамыр дуускалаах хотуур оҥорон биэрбитэ.
Өтөх сир чоҥочоҕо, маһа-ото элбэх, сороҕор хотуурбун маска таарыйан ылабын, оччоҕо биитэ ньыҕаллан тута сыппыыр, ону эмээхсин, быһах ончоҕунан «топ-топ» тоҥсуйан көннөрөн баран, кыра тоҥуулаах игиинэн аалан кылаанын хат таһааран сытыылаан биэрэр.
– Бу курдук сытыылыыгын… – дии-дии бурууһунан анньан көннөрөр, силигин ситэрэн кикириччи анньан игиилиир, түмүгэр кылаанын таһааран сэмээр хататынан тардар. – Отой сэрэнэр буол, хотуурга алҕас сээкэйгин быстыаҥ, оту хоппотоҕун иһин, эккэ баҕас эмэ-эмэ киириэ… – диэн сүбэлиир, такайар. Эбээ, төһө да сааһыран эмээхсин аатырдар, туттара-хаптара сымса, тэтиэнэх.
Кумаары, күлүмэни улаханнык баардылаабаппын, мээнэ ыал устун атах балай сылдьыбытым тухары сайынын буһан, кыһынын тоҥон-хатан кииллийэн, арааһы көрөн, эҥин эгэлгэ эрэйи эҥээрбинэн тыыран, үөрэнэн хаалан, сылгытыйан, кыра кыһалҕаҕа кыһаллыбат буолбут киһибин.
Хадьымал таҕыстаҕына үөнэ-көйүүрэ тарҕыыр. Бырдах өҥүрүк куйааска кыната кууран күнүс арыый аҕырыыр, дьэ ол оннугар киэһэ сиик түһүүтэ туран кэлэр. Түптэлэс бырдах ортотугар сылдьан эмискэ хаптас гынан көрдөххүнэ турбут сириҥ, мэктиэтигэр, оҥойон хаалар. Сөп соҕустук букунайа-букунайа ынахпыт ыамыгар тахсабыт.
Хотуурум суолун көрөн эмээхсин:
– Суолун көр… кыһыйара ырааһын, үөрэннэххинэ, ситтэххинэ-хоттоххуна арааһата отчут дьахтар буолууһуккун дуу, хайдах дуу… – дии-дии миигин саҥа көрбүт киһилии сыныйа одуулуур.
Маарыйа ыамыгар тахсарыгар өтөххө үлэлии хаалаары гынабын, ону:
– Барыах, барыах, иккиэн бииргэ сылдьыахпыт, чэйдиэхпит эҥин дии, – диэн хайаан да илдьэ барар, бэйэтиттэн араарбат. Дьиэбит чугас буолан утах эҥин илдьэ киирбэппит. Эбэм ынах ыыр кэмигэр түптэ түптэлиибин, бырдах сүүллээн түспүт кэмэ буолан сүөһүлэр чукаа таһыттан арахпаттар, мэччийэн кэлэ-кэлэ, түптэ буруотугар уһун күнү быһа салгыбакка биир кэм кэбинэн дьаадьаҥната сыталлар.
Сүөһүлэр ыаммыттарын кэннэ, оонньуу сылдьар Баһыычааммытын ыҥыран ылан баран чэйдиибит. Настаа кыыһа Биэрэ дьиэҕэ киһи суох кэмигэр Намыынап Хабырыыл кэргэнигэр Маарыйаҕа хаалар.
Күөрчэхтээх лэппиэскэни чэйи кытта сиибит. Баһыычаан баһын иһэ барыта саҥа, саатар тардыас, тардыаһын ааһан кэлэҕэй, аһыы олорон онтубут «сэһэнин» истэбит. Уолбут тугу эмит этээри гыннаҕына уһун баҕайытык: «Ии-ии-ии… ити көрүүй!..» – диэн баран харахтарын симириҥнэтэ-симириҥнэтэ уоһа үмүрүҥнүүр, онтон саннын дьигиһитээт эмискэ төлө биэрэн өрүһүспүттүү кэпсээн чабыгыратар. Ону истэн эбээ эмээхсин күлэр, мин айахпар уган испит лэппиэскэбин тохтотон, сонньуйан ылабын. Баһыычааммыт «тиэргэн киһитэ» диэтэххэ бүппэт сэһэннээх хаарахан. Эмээхсин:
– Тоом, сороҕун аныгыскы аһылыкка кэпсээр, аны бүтэн хаалыа, хаһаанан кээс, – диэн дьээбэлиир. Оччоҕо Баһыычаан тохтоон, «кырдьык да оннук ээ» диэбиттии турулус-ирилис көрөр, муннун аннын ньухханаат, күөрчэхтээх лэппиэскэтин бэрт минньигэстик мотуйбутунан барар…
Мин эмээхсин биэрбит бэйэбэр сөрү-сөп ынах этэрбэһин мэлдьи кэтэ сырыттым, онон атахтарым уруккум курдук хатыран хайыта баран хааннырбаттар. Аны туран мэлдьи этэрбэс кэтэ сырыттаххына, ардыгар уу киллэрэн уһун күнү быһа холлурҕатарыҥ эҥин да ханна барыай, киһи атаҕын чэрэ хоҥнон хаалар, устунан сымныыр, били муостуйа чэрдийбит тилэхтэриҥ атаҕыҥ таҥаһын уһуллаххына хас оллуру-боллуру, очуру-чочуру барытын билэр буолаллар.
Баһыычаан этэрбэстэрин устан тэлгэһэҕэ мээнэ, онно-манна тэбиэлэтэлээн кэбиһэр, наар атах сыгынньах сылдьарын сөбүлүүр. Атаҕа хатыран лабыай курдук чэр…
Оппутугар киирэрбитигэр уолбут батыһаары гынар да бырдаҕа, күлүмэнэ бэрдиттэн илдьэ барбаппыт, ыалбыт оҕолоро баар кэмнэригэр, олорго туттаран, оонньото хаалларабыт. Бэйэтэ-бэйэтигэр устар уһун күнү быһа тэлгэһэ иһигэр соҕотоҕун арааска аралдьыйан букунайарын да сирбэт киһи. Ардыгар оттон кэллэхпитинэ дьиэтигэр киирэн утуйан буккуруу сытар буолар. Эмээхсин барарыгар Маарыйаҕа: «Биһиги бардыбыт, били киһиэхэ хараххын хатыы сылдьаар…» – диэн хайаан да этэр…
Бу сырыыга аны мунньабыт. Хотуурдарбытын, сүөһү кэлэн аалынаары сээкэйин быстыа диэн, күрүө ортотугар охсуллан томтойбут бугулга өйөннөрө уурабыт. Оппут күрүөтэ бүтэй, сыарҕаны сыһыары тартаран баран үөһэнэн эһэн тиэйэр буоланнар, тоһоҕотун кэрдэн, үлтү сүргэйэн кэбиспэттэр. Мунньарбытыгар сороҕор эбэм бастыыр, ардыгар мин инникилиибин. Эҕэһэттэн эҕэһэҕэ үөһэ быраҕабыт. Илэчититтэн кыһыйа охсуллубут өтөх ото харбаннаҕына ып-ыраас көстүүлэнэр, мэктиэтигэр киһи сүүрүөн-көтүөн, оонньуон баҕарар.
Бэл аҥаардастыы биир эҥээргинэн тартахха киһи сылайар. Онон үлэбитин солбуһуннарабыт.
Чоҥочох тула үүммүт оту бэркэ сэрэнэн, хотуур баһынан бигээн көрө-көрө, сулуйабыт. Эмээхсин биһикки, били эппиккэ дылы, салаа да оту хаалларбат отчуттарбыт. Кырдьаҕас өттө бары да оту сыа-сым курдук кичээҥҥитик тутар дьон, бэл аҕыйах салаа от харбаммакка хаалбыт, сыарҕаттан тохтубут буоллаҕына хомуйан, итигэстээн ылаллар, кинилэр диэтэх дьон сатабыллаахтык тутталларын-хапталларын да киһи аҥаардас умсугуйа, кэрэхсии көрөн туруох курдук. Элбэххэ, үгүскэ үөрэнэҕин. Ол да иһин: эбэ, эһэ такайыытын ааспыт оҕолор ханнык да хара үлэ ымпыгын-чымпытын ордук билэллэр, салаҥ улахан киһитээҕэр сатабыллаах буолаллар.
Омурҕан аайы үгэспитинэн үлэбитин уларытабыт. Субуу субулунна да иккиэн чомойдоох кыраабылынан тута бугуллаан иһэбит. Субурҕал анныгар ардыгар кутуйах киирэр, ону дэлби үктээн биири эмит чыбыгыратабыт. Бэйэтэ да өтөх сир буолан хорооно баһаам, онно-манна тураҥы сүргэйбитэ харааран көстөллөр, орохторо орҕочуйар. Күтэр эмиэ баар да өлөртөрбөт, анаан дьарык эрэ гыммыт киһи бултаһар булда. Дьирикилэр кутуруктарын өрө хоротон баран, өтөх тулатынааҕы сороҕо сууллубут, сэмнэҕэ эрэ хаалбыт, хайа сахтааҕы хатыйыы бүтэй сиэрдийэтинэн сүүрэн ааһаллар. Охсуллубут хадьымалга тыыраахылар, хоптолор, киһиттэн куттаммакка, аһыыкалаан сиэн тойтоҥноһоллор.
Үс хонуктааҕы куурбут оппутун барытын мунньан, бугуллаан баран биирдэ эрэ дьиэбитигэр тахсабыт. Баһыычаан биһиги иһэрбитин көрөн:
– Ии-ии-ии… Эбээлээх Аа-ана иһэллээ-эр!.. – дии-дии утары сүүрэн ибигирэйэн кэлэр, үгэһинэн атах сыгынньах сылдьар буолар. Этэрбэстэрэ тэлгэһэ иһигэр-таһыгар онно-манна устуллан оҥоһоллор.
– Хайа тоом, атаҕыҥ таҥаһын тоҕо мэнээк устаҕын, ыт эҥин ытыран илдьэ барыа дии, – эмээхсин Баһыычаанын төбөтүттэн имэрийэр, оройуттан сыллаан ылар уонна итиннэ-манна сытар этэрбэстэри хомуйар. – Кэппэккин дуо? – диэн ыйытар.
– Һ-һ-һуох!.. – Баһыычаан аккаастыыр, баһын быһа илгистэр. Эбээ этэрбэстэри дьиэҕэ киллэрэн быаларыттан баайан баран тоһоҕоҕо ыйыыр. Ардыгар: «Кэт!.. Кэт!..» – диэн хаайан син кэтэрдэр, суох, Баһыычаан таска тахсаат, сонно тута устан хайа түбэһиэх тэбиэлэтэлээн кэбиһэр…
Дьоммут, холкуос отчуттара, ходуһаҕа сарсыарда ааттаах эрдэ киирэн баран, киэһэ күн арҕаа саҕах тыатын үрдүнэн кытара кыыһан лаппа дьааһыгырбытын кэннэ, отой хойут биирдэ эрэ харбыалаһан кэлэллэр. Биһиги, өтөхпүтүгэр хаалбыт дьон, чэйбитин бэлэмниибит. Киэһэ бүтэһик ыаммытыгар сылдьан баран, сылабаарбытын оргутан, баарбытынан-суохпутунан аспытын тардан, Баһылайдааҕы кытары бииргэ аһаары кэтэһэбит, киирэ-тахса арҕаа аартык айаҕын манаһабыт.
Сүрүн аһылыкпыт – собо. Окко сылдьар киһи харата суох хайдах да сатаммат.
От үлэтин былдьаһыгар сайыҥҥы үтүө күннэр, бииртэн-биир бүтэн иһэллэр. Эмээхсини кытары өтөхпүтүгэр чөкөтөлөөбүт бугулларбытын кэбистибит, кыра тыкаары бугуллар буолан иккиэн сүгэбит. Өтөх бугулун олус бөдөҥөттөххө анна кыайан куурбакка сытыйан, лааҕыран хаалар үгэстээҕин иһин дьоҕус гынаттыыбыт. Син обургу боскуйалары томтоттубут. Маарыйа таҥалай эргинэнэн тахсан бэйэтэ түстүүр. Кэбиһэрбитигэр көтүрбүт күрүөбүт аҥаар эҥэлэйин хат туттубут.
Биир күн оппутун кэбиһэн дьиэбитигэр тахсыбыппыт, Баһыычааммыт атаҕын тилэҕин бытыыл тааһыгар улахан баҕайытык тэлэ үктээн кэбиспит. Намыынап Хабырыыл кэргэнэ хат-хат хаттыгастаан өрбөҕүнэн баайбыт, ол үрдүнэн хаана таска өтөн тахсыбыт. Уолбут атаҕын төбөтүнэн дугунан нэһиилэ хаамар.
– Атах сыгынньах тэйиэккэлээбитиҥ ити баар дии, кэһэй, – эбэтэ Баһыычаан атаҕын баайыытын сүөрэн, өссө да хаана тыккырыы сылдьар, ырбаччы барбыт сиикэй бааһыгар биэс тымырдаах оту саба ууран баран хат баайда, эчэппит атаҕар бэйэтин киэҥ остоох этэрбэһин кэтэртэ. Уол били дьэргэҥэлээбитэ тохтоон, муннун аннын ньуххана-ньуххана, саҥата суох эбэтэ сүбэлиирин истэр. Ол эрэн, оҕо аата оҕо, сотору били ырбайбыт бааһа үмүрүччү тардан оһон хаалла, кэлин кэһэй буолан этэрбэһин ол аайы устубакка кэтэ сырытта…