Buch lesen: «Иччи. Сибиэн. Абааһы»

Народное творчество (Фольклор)
Schriftart:

Алаас иччитэ

Хара уоспа абааһыта

«Таатта Чөркөөҕүттэн чугас баар Буор Булгунньах диэн алааска үс балаҕанынан, биир ампаар дьиэҕэ олорор ыал кыстыктарыттан сайылыкка тахсыбыттарын сахсаана ааспыт, үөрүүтэ, малааһына оҕо-аймаҕы уйгуурдубут күннэрэ умнулла быһыытыйан барбыт кэмэ этэ. Киэһээҥҥи чэй кэнниттэн ынаҕы хомуйуу, ыам чугаһаан эрэрэ. Титииктэр олбуордарын иһигэр түптэ буруота унаарыйан, чуумпу халлаан диэки тардыстан өрө субуллар.

Оннук нуһараҥ киэһэҕэ тэҥкэ тыатын үрдүнэн икки атахтаах кулгааҕын таһынан киирэр ыһыы-хаһыы дуорайда. Эмиэ да сарылыыр, часкыйар. Ынах маҥырыырыгар, атыыр оҕус айаатаан мөҥүрүүрүгэр, атыыр сылгы имэҥнээхтик кистээн дьырылатарыгар ханан да маарыннаабат. Куолаһа чиҥэ-чаҥа, дуораана сүр үлүгэрэ. Айыы сирин дьонуттан адьас атын адьарай бадахтаах.

Сайылык дьоно оҕолуун-уруулуун бары тахсан иһиллээн, саҥата суох ах бардылар. Мантан соччо ырааҕа суох Лэкиэски Уола диэн ааттаах улаханнык иирбит, эдэр сааһыгар ол кырыыстаах ыарыыга муҥнаммыт эрэйдээх аҕатыныын олороро. Кини от-мас тыллыыта бэргээн, туох да ааттаах киһитигэр бэриммэт, туттарбат туруктанан, атах балай барыталыыра. Ким эрэ: «Ол сордоох кэбилэнэн иһээхтиир быһыылаах», – диэтэ.

Бары дьиэлэригэр симиллэн, ааны хатаныы, өссө олбуордарын аанын кытта сабыы, сүллүгэһин олуйуу кытаанаҕа буолла. Биир бэйэтин балачча кыанар, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, Дьөгүөр диэн сүүрбэтиттэн саҥа тахсан эрэр уолларын: «Кытаанах, соҕооччу маста булун. Ол дьаабал наһаалаан киирэн бардаҕына, онтукаҕынан куттаан, мантан үүрэ сатаар», – дэстилэр.

Дьиэлэрин илин, хоту диэки түннүктэринэн көрүү-истии буолла. Улаханнык тыыммат кэриэтэ бары иһийдилэр, кыра оҕолор барахсаттар ийэлэрин кэннилэригэр састылар. Оттон били баҕайы айдаана-куйдаана эбии сүрдэммит. Бэйэлэрин киһилэриттэн адьас атын иирээки иһэрэ билиннэ. Иирээкини ааһан, илэ дэриэтинньик киэнэ идэмэрдээҕэ. Киһи куйахата күүрэр, этин сааһа аһыллар, көхсүгүнэн туох эрэ өрө-таҥнары сүүрэкэлиир. Аанньанан ааспат, мээнэнэн буулаабат күтүр күн көрөн турдаҕына, күөх халлаан өссө да сып-сырдык ньуурдаах эрдэҕинэ, бу алаастарын буллаҕа.

Дьөгүөр сөп соҕус чиргэл маһы титиик күрүөтүн ааныттан сулбу тардан ылла. Онтон халдьаайыны таҥнары сүүрэн киирбит киһи Лэкиэски Уола буолуохтааҕын оннугар отой да атын харамай, илэ абааһы бэйэтинэн атаралаан, ойон ахан иһэр эбит. Сирэй-харах ханан баара дьаабыта биллибэт, чуоҕур диэххэ чуоҕура суох, хара диэххэ харата суох, бүүс-бүтүннүү, баһыттан атаҕар диэри, түү киһи буолан биэрдэ. Уҥуоҕунан улахана сүр. Туох аанньа хоһоон кэлиэй, таах ый да хай аҥаардаах, ынырыктаах хаһыы-ыһыы аргыстаах үөдэн. Кэнниттэн айдаан бөҕөтүн түһэрэн, сайылык ыалларын уонча ыта эккирэтэн иһэр. Амырыын кыылы хаайбыт, туппут кэриэтэ ыйылыы-ыйылыы үрэллэр, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы түһэллэр. Оо, кини бэйэлээх ол алаас тэлгэһэтиттэн тэйбэтэх саха ыттарын, иннигэр киллэриэхтээҕэр буолуох, ситтэрэрэ да диэн кэлиэ дуо?! Тэппит атаҕын кубулуппакка, ыһыытын-хаһыытын уҕарыппакка, соннук син балачча уһун алааһы туораан, арҕаа диэки ойо турда.

Онтон үс биэрэстэлээх Долборуктаахха тиийэн, түөрт дьиэнэн сайылаан олорор ыаллар алаастарын илин халдьаайытын үрдүгэр турар кэрэх тииккэ ыттан тахсан, олоро биэрдэ. Ыттар ол сайылык ыттарыныын холбоһон, бары моргуордаан, тула көтө сылдьан үр да үр буоллулар. Алаас дьоно ол хаһыы, ыт ньаргыара булкаастаах айдааны эрдэттэн истэннэр, эмиэ бары кэриэтэ тахсан одууластылар. Чочумча буолаат, били сүрэхтэрин-быардарын быллыгыраппыт, уйаларыгар ууну кута сыспыт баҕайылара ханна дьылыс гыммыта биллибэккэ, эмискэ суох буолан сүтэн хаалла. Ыттар да ах бардылар, хайдах эрэ куттара-сүрдэрэ баттаммыттыы туттан, иһиллэр-иһиллибэттик ыйылыы-ыйылыы дьиэлэрин буллулар.

Дьэ онтон доҕоор, ити эргин, бүтүн Таатта улууһун саба бүрүйэн, хара уоспа диэн дьулааннаах ыарыы өрө турбат дуо! Ол дьыл ити сатана саспыт кэрэхтээх алааһыгар сайылаабыт түөрт дьиэ дьонуттан үс ыал, биир да киһи ордубакка, бука бары имири сотуллаллар, суорума суолланаллар. Бары Слепцовтар этилэр. Илин халдьаайы анныгар турар дьиэлээх Кириил оҕонньордоох эрэ тыыннаах ордоллор.

Бүтүн улуус үрдүнэн ол амырыыннаах ыарыы, сут аһыҥата ходуһаны буоругар диэри салаан ааһарыныы, төһө киһи дууһатын илдьэ барбыта буолла…»

Маны кэпсээбит, хомсомуолтан саҕалаан партия уонна сэбиэскэй былаас оройуоннааҕы тойонуттан республика таһымыгар тиийэ дуоһунастаммыт, хомуньуус ааттааҕа киһи этэр: «Ол уоспаҕа сутуллубут чучунаалара диэннэрэ буолуохтаах. Бүкпүт алааһыгар ханна эрэ тыаҕа, ойуурга ыарыы сиэн оҕуннаҕа, сайыҥҥы куйааска сытыйдаҕа-ымыйдаҕа, эбэтэр суор-тураах, үөн-көйүүр, баҕар, ыт да аһылыга буолан хааллаҕа. Онтон сүдү сыстыганнаах, салааһыннаах уоспа курдук ыарыы турдаҕа, тарҕаннаҕа дии».

Этэр эттэҕинэ, эмиэ да оруннаахха дылы. Ол эрээри чучунаалара диэн тыыннаах харамайын дуу, кыыл барбыт киһитин дуу чопчу быһаара иликпит ээ. Оччотугар хайатын итэҕэйэбит? Аны ити кэпсээнньиппит өссө туох диирин истиэҕиҥ:

– Ити алааска эбэм биирдэ миэхэҕэ дьикти атах суолун көрдөрбүттээх. Ол кыыл дуу, илэ абааһы дуу киэнин. Кини киһи икки арда үстүү атар хаамыы холобурдааҕы үктээн ааһар эбит. Уллуҥаҕа батарыта баттаан хаалларбыт сиригэр сытыган эрбэһин үүнэн тахсыбыт. Ону батыһа көрдөххө, ыраахха диэри барбыт улахан бэйэлээх атах суола буолан субулла сыталлар. «Бу сайылык хабайар хаба ортотунан абааһы киирэн сүүрэн атаралаан ааспытын оспот-сүппэт, хаппат-куурбат бэлиэтэ. Ол оччотооҕу ыар үйэ туоһута буолан, уонунан сылларга тиийэн кэллэҕэ» диэн быһаарбыта эбэм эмээхсин.

П. Седалищев

Чурапчы

Сибиэн

Эбиэс хомууругар субуотунньукка тахса сылдьан, уонча буолан биир ампаарга отууланабыт. Кэлбиппит өр буолан, кэпсээммит аҕыйаан: «Эн кэпсээ, мин кэпсээ!» – дэһэр буоллубут. Биир киэһэ мин үөлээннээҕим Уус Костя тылланар саҥата иһилиннэ: «Мин кэпсээн көрүүм. Олоҕум устата кимиэхэ да кэпсии иликпин». Киһибит саҥата хайдах эрэ долгуйбут курдук: «Мин оҕо эрдэхпинэ дьонум Кур диэн сиргэ отордуу тахсыбыттара. Букатын хойукку күһүн этэ. Биһигини кытта Өксүү диэн мэнэрийэр дьахтар, уоллаах кыыһынаан дьукаах олороллоро. Өксүү субу-субу манна сибиэн, онно абааһы дии-дии биһигини куттуура, оронун үрдүгэр барыта эмэгэт, быа-туһах бөҕө ыйанан турар буолара.

Киэһэ аайы, дьоммут титииккэ бардахтарына, биэс оҕо бэйэбит эрэ хааларбыт. Оннук киэһэлэртэн биирдэстэрин өйдөөн хаалбыппын. Ороҥҥо ыйдаҥа түспүт сиригэр оонньуу мустубуппут. Ол кэмҥэ ким эрэ дьулаан баҕайытык үөһүн тартарда. Көрө түспүппүт, дьиэбит аанын аһан, улахан баҕайы күп-күөх марбайбыт сирэйигэр ыһыллан түспүт баттахтаах, көҥкөлөй уһун ырбаахылаах эмээхсин киирэн, талах сиппиири ылаат, сиппийбитинэн барда. Улахаммыт Муся: «Бааскаа, кыптыыйы аҕал!» – диэтин кытта, уол остуолга сытар кыптыыйы хаба тардан ылла. Эдьиийбит кыптыыйынан бырахта да, ханна тиийэн түспүтүн билбэтибит. Эмээхсин хап-сабар сиппиирии уураат, тахсан барда. Күн киэһэрдэ. Кэмниэ-кэнэҕэс дьоммут тиийэн кэллилэр. Бааска ийэтэ киирээтин кытта утары сүүрэн тиийэн: «Ийээ, ийээ биһиги күөх эмээхсини…», – диэн эрдэҕинэ ийэтэ, ким эрэ истиэ диэбиттии симиктик, ол гынан баран күүскэ баҕайы: «Чот! Айдаарыма, билэбит», – диэн саба саҥарда. «Дьоҥҥо мээнэ кэпсээн оҥостумаҥ!» – диир этэ. Онно туох төрүөттээҕин улахан дьон билэллэр эбит. Өскө «күөх эмээхсин» дьиэни сиппийэн, оҕо сытар сиригэр тиийбитэ буоллар, оҕо өлүөхтээх эбит. Бу тугуй? Чугаһынан ыалы кэрийэр, ыалдьар да, көннөрү да эмээхсин суоҕа үһү. Көрбүт эмээхсиммит оҕону өлөрөн тугу туһаныа эбитэ буолла?».

«Ыйтан кэлбит»

Сылаҥ, Чурапчы

Абааһылар

Билигин киһи көтөр тэриэлкэни көрдөҕүнэ даҕаны, дьиктиргээбэт кэмигэр олоробут. Оттон былыр алаас абааһы адаарыҥнас этэ диэтэххэ улахан омун буолбат ини. Хайа-хайалара даҕаны айылҕа дьиктилэрэ дэнэн эрдэхтэрэ. Айылҕа барахсан таайыллыбат кистэлэҥнэрэ хонон турдах аайы хойдон иһэллэрэ сүрүкэтэ бэрт. Олортон сорох-сорохторуи, илэ бэйэм көрбүттэрбин, кэпсээтэхпинэ, эмиэ түптэлээтэ диэххит да буоллар, итэҕэйээччи итэҕэйдин, итэҕэйбэт итэҕэйбэтин.

Дьэ онон…

Чөчүөккэ

Күүлэкээн диэн сайылыкка үспүн саҥардыы ааһан эрэр бэдик чөчүөккэ кэлэрэ диэни көрөн турардаахпын. Оччолорго остуоруйаны да удьумаайдаабат уу ньуулдьаҕай оҕо этим. Онон дьон кэпсиирин өйбөр оҥорон көрүөх туһум суох.

Сайылык оҕолоро сыһыы уҥуор олорор ыалга мустан оонньуур идэлээхтэрэ. Миигин, боҕуу гынымаары, утутан кэбиспиттэр. Куйаас баҕайы күн хатыйа күрүө күлүгэр утуйа сытан уһукта биэрдим. Оҕолор уҥуор оонньоон аймалаһалларын көрөрүн көрдүм эрээри, тоҕо эрэ онно барбатым. Сөрүүнү талаһан дьиэҕэ киирэр киһи буоллум. Туруорбах балаҕан хаптаһын аанын атытан иһирдьэ көтөн түстүм. Арай көмүлүөк оһох хаҥас өттүгэр, холумтан үөһэ үүт-маас бэйэм курдук сыгынньах, хаһан да харахтаабатах оҕом турар. Аан тыаһаабытыгар кэннин хайыһан мин диэки көрдө. Онно көрдөхпүнэ, куп-кугас баттахтаах, күп-күөх харахтаах. Иккиэн уун-утары көрсөн баран турдубут. Уота өспүт оһох күлүн хаспыт быһыылаах, илиитэ хап-хара.

Төһө өр утарыта көрсөн турбуппут буолла, аан бастаан кини хамсаата. Миэхэ утары кэлиэх курдук эргиллэн эрдэҕинэ, хаһыытыы түһээт, таһырдьа ойдум да, дьэ уонна, ытаан марылыы-марылыы, сыһыы уҥуор олорор ыалга муҥ кыраайбынан түһүнэн кэбистим. Тиийэн тугу көрбүппүн кэпсээн биэрдим.

Кэлин улаатан баран чөчүөккэ диэннэрин кэпсииллэриттэн иһиттэхпинэ, үүт-үкчү мин көрбүт оҕобун ойуулааччылар. Онон чөчүөккэни, дьонтон истибэккэ сылдьан, бэйэм эт харахпынан көрбүтүм уонна онтон ыла айылҕаҕа баар ол-бу киһи ылбычча итэҕэйиэ суох көстүүлэрин сэргиир идэлэммитим.

Кустуу сылдьан

Сеня диэн табаарыспынаан Таалаҕа кустуу бардыбыт. Күн арҕаалаан турара. Арай туран ойуур отун-маһын тоҕо барчалаан сыһыыга көтүөккэлэһэн киирдибит. Саҥардыы суолга тахсыах курдук гынан эрдэхпинэ, эмискэ баҕайы иннибитигэр суол устун биир дьахтар баран эрэрин көрө биэрдибит. Маҥан былаатын көхсүгэр намылыччы түһэрэн бааммыта хаамтаҕын аайы имиллэҥниирэ кытта көстөр. Отучча хаамыы баара дуу, суоҕа дуу, оннук чугас.

Биһиги тоҕо эрэ көрбүппүт соһуччута бэрдиттэн тохтуу биэрдибит, саҥата суох сирэй-сирэйбитин көрсөн ыллыбыт. Улахан баҕайытык кэпсэтэ иһэн сибигинэйэн эрэ тыл бырахсар дьон буола түстүбүт. Кэриигэ киирэрбитигэр ким да сүоҕа ээ. Төннүөххэ диэн буолла. Суол устун, субу-субу кэннибитин хайыһа-хайыһа, төнүннүбүт. Кылгас ойууру быһа түһэн атын сыһыыга таҕыстыбыт. Суолтан туораан чугастааҕы ууну көрөн ааһаары баран иһэн эмиэ чугурус гына түстүбүт. Иннибитигэр били дьахтарбыт субу баран иһэр эбит. Кини хайдах да биһигини уруттуох туһа суоҕа. Туох эрэ муокас дьахтара буулаары гынна диэн эппит тарта.

– Хайыыбыт? – диэн атаһым сибигинэйэн ыйытта.

– Таалабытыгар төннүөх, – диибин.

Тоҕо эрэ били дьахтары Таалаҕа төннөн баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиэх санаа көтөн түстэ. Эмиэ сүүрэр-хаамар икки ардынан өкдөкөчүһэн, сыһыыбытыгар аҕыйахта атыллаан тиийдибит. Бастаан тиийэн төннүбүт сирбитигэр кэлээппитин кытта, дьахтарбыт иннибитигэр бу сайбайан эрэрэ көстө биэрдэ. Эмиэ чиккэриҥнэһэ түстүбүт. Уолум саатын хаба тардан ылан дьахтары туһулуох курдук тутунна.

– Кэбис, ытыма, киһини дэҥниэҥ, – диибин.

– Киһи буолбатах. Сааны эһэн сатаатар куттуохха.

– Кэбис, кэбис, сырыттын. Тоҕо эрэ биһигини кустатыан баҕарбат эбит. Дьиэлиэх.

Ол турдахпытына, дьахтарбыт эргиллэн көрдө. Сирэйин-хараҕын өйдөөн көрөр диэн суох. Хамаанданы истибит курдук, дэриэбинэ диэки ойуурунан быһа ыстанныбыт.

Дьиэлэри көрөн эрэ баран, биирдэ уоскуйдубут. Арай биир ыал таһыгар, били дьахтарбыт курдук, былаатын самыытыгар тиийэ саба түһэринэн бааммыт бэркэ билэр түөтэбит биһигини күүтэн турар эбит. Уҥуоҕа арҕаһа үкчүтэ сүр.

– Хайа, нохолор, сүөһү көрдүгүт дуо? – диэн ыйытта.

– Суох, – диэт, сулбу ааһа турдубут.

Бадаҕа кини күлүгэ салгыҥҥа олорон хаалбытын көрдөхпүт буолуо диэн билигин тойоннуубун. Ити сыл ол дьахтар эмискэ ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт сурахтааҕа. Сөп түбэһиспитэ дьикти. Айылҕа ити биир таабырынын таайар киһи баар эрэ, суох эрэ.

Таабырынап

Ынахтан – саҥарар оҕо

Былыыр-былыр биир соҕотох оҕонньор олорбут. Кини соҕотох маҥан ынахтаах эбит. Ынаҕа төрөөрү ыалдьыбытыгар оҕонньор, кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбыт. Сарсыарда туран хотонугар тахсыбыта, ортотугар тиийэр кугас баттахтаах, мап-маҥан эттээх уол оҕо ынаҕы эмэ олорор эбит. Ону көрөн соһуйбут, куттаммыт. «Абааһы төрөөбүт», – диэн, күрдьэҕинэн үлтү сынньан барбыт. Онуоха ол оҕо көрдөспүт: «Ааттаһабын, өлөрүмэ, биэс да үтүөнү оҥорботоҕум иһин, биир үтүөнү оҥоруом! Ийэм баһыгар, түннүк анныгар, бырах, үс хонон баран бэйэбин бэйэм билиниэм». Оҕонньор бокуойа суох үлтү сынньан барбыт. Оҕо: «Ынахтан икки төгүл кэллим да, киһи буолбатым, аны сылгыттан сыһыыга кэлиэм», – диэбит. Оҕонньор бу оҕону өлөрөн кэбиспит. Үс хонон баран хотоҥҥо, ынах турар сиринэн, муус түннүк үлтү барыар диэри ат кистээбит. Оҕонньор ону тахсан көрбүтэ, тэриэлкэ саҕа улахан ат суола чигдини тоҕута үктээн кэлэн барбыт. «Өлөрбөтөҕө буоллар, ол оҕо барыа эбит», – дииллэр этэ. Ол тугун бэйэҕит толкуйдааҥ.

Суруйдум 67 саастаах

Екатерина Алексеевна Кашлакова

Сэттээх-сэмэлээх буолара чахчы

«Ньурбачаан Бакамдатын арҕаа өттүгэр Хонорҕох Алааһа, эбэтэр арыт Арыылаах Алаас диэн ааттыыр сирдэрэ баар. Бу 1959 сылтан «Заготскот» диэн тэрилтэ соҕотуопкаҕа киирбит сүөһүнү хаайан аһатар киэҥ даллаах, сүөһү өлөрөр сирдээх, бостууктары олордор дьиэлээх сирэ этэ. Дьиэттэн аллара, Бакамда диэки өттүгэр ыарҕа саба үүммүт көлүйэлээх сиргэ, муус туран эт тоҥноҕуна сүөһү өлөртөрүллүө диэн бүтэй туттараары, алта-сэттэ оробуочайы таһаарбыттар. Саас. Көлүйэлэрин үрдүгэр бүтэй тоһоҕото, сиэрдийэтэ буолар бэртээхэй арыы мас баара. Үлэһиттэр үөрэ-көтө бу маһы кэрдэн барбыттар. Ол кэрдэн эрдэхтэринэ, ыарҕа иһигэр турар былыргылыы хабарҕа муннуктаах, арааһа, кус түөһэ диэн ааттыыр төкүнүк мастан оҥоһуллубут (тутуллубут диир ордуга дуу) ойуун дүҥүрүн тыаһа лүһүгүрээбит, кыаһаанын тыаһа өрө кыынньа түспүт. Үлэлии, аймалаһа сылдьыбыт дьон, соһуйан, уолуйан, сүгэлэрин кытта ыһыктыбыттар. Бары ах баран турбуттар. Саҥа саҥарар, тыл таһаарар суох үһү. Онуоха арыый аҕа саастаахтара, сэриигэ сылдьыбыт киһи, Чуукаартан төрүттээх Дабыыт Данилов-Буруо Хоноһо, бэргэһэтин устан туран, ити тыас кэлэр сирин диэки хайыһан билэринэн ааттаспыт:

– Тойон убайбыат! Биһиги диэн кыра дьон муҥнаахтарбыт, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, тыыннаах буолар туһугар тойоттор сорудахтарынан үлэлии тахсыбыппыт. Алҕаска, билбэккэ, эн чуумпугун уйгуурдубуппут. Ону биһиэхэ буруйга холоомо. Алҕаспытын бырастыы гын. Ирдэһэр, туоһулаһар да буоллаххына, тойоттортон туоһулас, олортон ыйыт, – диэбит үһү. Онуоха тыас эмискэ уурайан барбатах, аа-дьуо намыраан барбыта үһү.

Бу дьонуҥ бүтэй тутар сирдэрин үрдүттэн охторон, тутаары гыммыттара – табыллыбат. Тохтоон хаалбыт. Кэрдибит мастарын да харайбатахтар. Билигин да, арааһа, сытара буолуо. Туох харайбыт үһү, ону.

Икки биэрэстэ курдук Борокуруор Маара диэн сиртэн сиэрдийэлэрин көлөнөн таһан, сиэрдийэлэрин тутан бүтэрбиттэр.

Онно баар дьонтон Н. диэн киһи өлбүтэ. Ол олох кэпсээбэт этэ, саллар этэ. Арай итини Н. кэпсээбитэ. Бииргэ үөрэммит уолум. Кини билигин да саллар. Уонна ити туһунан санаппат. Иннинэн-кэннинэн барыах-кэлиэх да, хамныах да кыах суох. Буолар да эбит. Оннук саллыбытым, куттаммытым диир этэ.

Онтон 1972 сыллаахха этэ. Аны, дьэ, били бүтэйи сэлбийэ тахсаллар. Сүөһүлэрэ киириэн иннинэ. Сайын оттуу таарыйа. Ол тахсаннар, ол саҕана арыгы диэн ас буолунай, дэлэйбит ахан кэмэ, аһаан-сиэн баран, дьэ, кэпсэтии буолар. Киэһээҥҥи аһылыктарын аһыы, арыгылыы олорон: «Дьэ, онно өрдөөҕүтэ, биһиги күрүө тута сырыттахпытына, ол сыһыы уҥуор сытар кырдьаҕас, дьэ, куттаталаабыта» диэн буолар. Ону икки уол, Н. уонна Н.: «Ойуун диэн баар үһү дуо? Абааһы диэн баар үһү дуо? Ол-бу тыастан киһи куттанара диэн үһү дуо?» – диэн утары мөккүһэн тураллар. Кырдьаҕастара буойан көрбүттэрин, утары, өссө өрө барбыттар. Тэптэрээччи да баар үһү онно: «Чахчы, чахчы! Ол аайыттан киһи куттана сылдьыа дуо?!»

Мөккүөр түмүгэр бу икки уол киирэн, ойуун уҥуоҕун түөрт эркинин түөрт аҥыы тэлгэтэн кэбиһэллэр. Ол оннук ааһар.

Мин оҕолору илдьэ өрүс уҥуор Мэгэдьэккэ оттуу сырыттахпына, «табаарыһыҥ куһаҕан буолбут» диэн илдьит кэлбитэ. 1972 сыллаахха атырдьах ыйын 22-гэр быһыылаах этэ. 23-гэр таһаарбыппыт. Ол Н. Амакиннааҕы эспэдииссийэ пилораматыгар, ити билиҥҥи быткомбинат дьиэтин таһыгар, бэйэтигэр тиийинэн, ыйанан өлбүт этэ. Оттон Н. балаҕан ыйыгар эргэ буойуна дьиэтигэр оскуомаҕа ыйанан өлбүтэ. Иккиэннэрэ биир ый иһигэр буолта.

Дьэ, сүрдээх дьыала этэ. Ол Н. мин бииргэ үөскээбит уолум этэ. Туох да наһаа аһыйбытым. Итинник дьаабыламматаҕа буоллар, билигин да сылдьыа этэ. Муннугар тумуу да киирбэт этэ. Аҕата сэриигэ баран өлбүтэ. Соҕотох уол этэ. Токостор. Бүтүн аҕа ууһа эһиннэ. Ити уолунан. Дьэ, бүттүлэр. Биирдэ сыыһа туттууттан».

Николай Николаевич кэпсээнин тылыттан тылыгар түһэрэн, саҥарыытын уратытын кытта уларыппакка, суруйбутум. Ону, бэчээккэ бэлэмниирбэр, дуона суоҕу кылгаттым эрэ.

Историк-учуутал кэпсээнэ – үһүйээн буолбатах, адьас соторутааҥҥы кэмҥэ дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэр. Онон кэпсээн ыйааһыннаах. Киһи кинини күдээринэ истэн кэбиһиэн сатаммат.

Багдарыын Сүлбэ

Бэриэтчит

Мин оҕо эрдэхпинэ аҕам биһикки Сэмэннээх диэн ыалы кытта дьукаахтаһан олорбуппут. Биир киэһэ үһүөйэҕин хаалан баран, абааһыны кэпсэттилэр. Аҕам сүрдээх холку, бүтэй эттээх, тугу да билбэт киһи этэ. «Абааһы диэн суох. Сымыйа. Араас өтөхтөрүнэн, иччилээх аатырбыт сирдэринэн талбыппынан хонон-өрөөн сырыттым аҕай да, тугуу да билбэппин. Дьөрү, киһи уорбалыыр тыаһын да истибэппин. Мин бурдук харабыллыыр сирбэр Былатыанап диэн хомсомуолу таһааран көмпүттэрэ. Ол киһи сотору үөр буолбут сураҕа аар-саарга аатырбыта. Кэлин табыллыбакка, иккистээн хостообуттар диэн баара. Оо, киһи уҥуоҕун кытта кэккэлэһэ күһүнү быһа түүн аайы хонорум. Бэл, онно туох да биллибэтэҕэ. Баҕар, хараҥата бэрт буолан аттыбынан ааһарын көрбөтүм эбитэ дуу?» – диэн күлэн ылара.

Оттон суотчут Сэмэн олох утарара: «Туох эрэ баарынан баар. Мин, үөрэхпин бүтэрээт, хоту баран үлэлии сылдьыбытым уонна куттанан быһыылааҕа, сотору дойдубар төннүбүтүм. Олох эппинэн-хааммынан билбит түбэлтэм онно буолта. Кыра холкуос кэнсэлээрийэ дьиэтигэр чүмэчинэн үлэлии олордум. Бэрэссэдээтэллиин иккиэ этибит да, киһим ыалдьар буолан, икки сыарҕалаах атынан оройуон киинигэр балыыһаҕа барбыта. Кэнсэлээрийэбит икки дьиэ силбэһэ турарыттан түгэх өттө. Киирэр өттө тоҥ турар. Арай, ол олордохпуна, таһырдьа сыарҕалаах аттар хоочугураһан кэлэн, дьиэ ааныгар тохтоотулар. Сотору тугу эрэ сыһаҕастаан киллэрэн, тоҥ дьиэҕэ турбут остуол үрдүгэр уурарга дылы гыннылар.

Онтон барыта уу чуумпу буолан хаалла. Мин хайдах эрэ сээбэҥнээн, таҥнан, чүмэчибин туппутунан тас дьиэҕэ тахсыбытым – туох да суох. Таһырдьа бааллара буолаарай диэх курдук санаан тахсыбытым – эмиэ туох да суох. Арай ыраах ыаллар уоттара кылахачыһаллар. Мин туох да бокуойа суох дьиэм диэки түһүнэн кэбистим. Син барбахтыы түһэн баран кэннибин хайыһан көрбүтүм, кэнсэлээрийэм түннүктэрэ сандааран олороллор. Өссө дьон күлүгэ элэгэлдьиһэргэ дылы. Мин саараан турдум. Ол туран көрдөхпүнэ, биир килэйээҥки бэргэһэ чүмэчи уотугар килэбэчис гынан ааста. Мин олох холкубар түһэн, дьон кэлбит диэн төттөрү тэбинним. Тоҥ дьиэнэн лүһүргэйдээн киирэн, кэнсэлээрийэ аанын аһа баттаабытым – хабыыс-хараҥа, туох да суох. Икки хараҥа иччитэх дьиэ икки ардыгар буола түспүт киһи туох да аһара куттанан, соһуйан, сарылаатым быһыылаах, туох эрэ куһаҕан баҕайытык «хаах» дииргэ дылы гынна да, биирдэ өйдөммүтүм суолу ортолоон, дьиэбэр сүүрэн иһэр эбиппин. Онтон сүрэҕим баара-суоҕа биллибэт курдук тэбиэлээн, сүһүөҕүм нэһиилэ уйан дьиэбэр дьүһүн-бодо бөҕө буолан киирэн, дьоммун куттаатым. Ийэм уокка арыы кута-кута алҕаан, кэргэним дэлби көрөн-истэн, сарсыарданан син утуйан ыллым. Киһи баттаҕа турар дииллэрэ кырдьыгын онно билбитим.

Сарсыныгар хойутаан, төбөбүн баанан кэнсэлээрийэҕэ тиийэн үлэлии олордум. Остуорас оҕонньор кэлэн оһох оттубут да, дьиэ иһэ тыбыс-тымныы. Оччолорго үлэҕэ тахсыбат диэн улахан аньыы этэ, онон эрэ үлэлээбитэ буола олордохпуна, оҕонньор киирэн ааны саппакка барбыккын, бүгүн хойутаатыҥ, төбөҥ баайыылаах, аһыыр оҕо быһыылааххын диэх курдук саҥартаата. Ол иһин барытын кэпсээн биэрдим. Оҕонньорум улаханнык соһуйда, киэһэ оһоҕу сабан баран, иккиэн тэҥҥэ дьиэбитигэр барарга сүбэлэстибит. Киэһэ хараҥа буолбутугар чүмэчинэн олордохпутуна, түннүкпүт аннынан сыарҕалаах аттар тыастара хаарга хоочугураһан кэллилэр. Мин оҕонньорбун көрө түспүтүм, мин диэки куһаҕан баҕайытык көрөн баран олорор эбит. Куттаныах курдук буоллубут. Сотору үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук тыаһаан-ууһаан, тас дьиэҕэ турар остуолга тугу эрэ уурдулар. Онтон утуу-субуу үс киһи киирэн кэллэ. Кырыа-хоруо бөҕө буолтар. Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. Бэрэссэдээтэлбит балыыһаҕа киирэн биир эрэ хонон хаалбыт, ону өлүгүн аҕалан ити остуол үрдүгэр уурбуттар».

Итини истэн баран аҕам «бокуонньук бэриэтчиттээх киһи эбит» диэн быһаарда. Оттон мин билигин саныыбын. Ити дьону кытта чахчы буолар түбэлтэлэр тоҕо билигин буолбаттарый? Бэриэтчиттээх дьон төрөөбөт буоллулар дуу? Эбэтэр бэйэбит хайдах эрэ уларыйан, тугу да билбэт буолан хааллыбыт дуу?

«Ыйтан түспүт»

Иччи. Сибиэн. Абааһы
Народное творчество (Фольклор)
Text
€1,89
Altersbeschränkung:
16+
Veröffentlichungsdatum auf Litres:
05 April 2023
Umfang:
150 S. 1 Illustration
ISBN:
978-5-7696-3365-2
Rechteinhaber:
Айар
Download-Format:

Andere Bücher des Autors