Buch lesen: «Барыта алҕас этэ…»

Schriftart:

БАРЫТА АЛҔАС ЭТЭ

Биир үтүө күн Маайыс, тугу да гынара суоҕуттан мирк диэннэригэр киирэн эрэрэ даҕаны, ылларардыы ылларбыта. Билигин кэлэн кэмсиммит да, кэмсиммэтэх да иһин, хайаахтыай, аныгы олох абытайдаах дьалхаана буоллаҕа… Быһата, Маайыс биир уоллуун… букатын алҕас билсибитэ.

Тоҕо эбитэ буолла, Маайыс курдук дьулугур үрдүк уҥуохтаах, көбүс-көнө атахтардаах, намылыйбыт уһун суһуохтаах, аныгы оҕо диэтэххэ, косметика диэни билбэтэх ыраас-кэрэ сэбэрэлээх кыыс сахаҕа да элбээтэ эбээт? Биһиги кыыспыт көстөр дьүһүнүнэн киһи хараҕа хатанар, дэҥҥэ мичийэн ыллаҕына сандаарыс гына түһэр ыраас хааннаах, хобо чуораанныы лыҥкыныыр куоластаах, синньигэс биилинэн оонньоон, курбуһаҕынан долгулдьуйан ааһар ураты таһаалаах буолан, оннооҕор, араас «мисскэлэргэ» мэлдьи батыһа сылдьан ыҥырар идэлээхтэр.

Ол эрээри Маайыс – баҕар, Дьокуускайга үөрэммэтэх буолан буолуо – ханна да кытта сатаабат. Питер курдук киэҥ дьалхааннаах сиринэн кэрийдэр да, үөрэх туһугар муннукка ытаабыт, атыҥҥа аралдьыйбатах уонна эбиитин сэдэх идэлээх буолан, салалта тус ыҥырыытынан Сахатын сиригэр үлэлии кэлбитэ үс эрэ сыл буолла. Үлэлиир сирэ – дьоһун сир, саха киһитэ иҥэн-тоҥон уһуннук тохтоон үлэлээбэтэх, кытаанах хонтуора. Онно кини, үлэттэн ордон, алтыһарга-сэлэһэргэ билсиэн-көрсүөн сөптөөх эдэр ыччат эйгэтэ суох буолан, хаайтаран, ханна да сылдьыбат кыыс биирдэ, быыс булбучча, миркэҕэ киирбитэ. Ол да иһин эмискэ хараҕа аһыллыбыт буолуон эмиэ сөп.

Виталийдыын дьикти баҕайытык билсибиттэрэ. Туохтан эрэ төрүөттэнэн уол маатыралаан ыһыллаҥната олороругар түбэспитэ. Үөхсэ аҕай олордоҕуна, арай приватка Маайыс «тоҥсуйбута» уонна боростуой баҕайытык ыйытан барбыта. Кини дьиҥэр да оннуга. Кыыс, бу үлүгэрдээх харса-хабыра суох, дьөрү да дьэбир тыллаах-өстөөх туох киһитэ буоллаҕай диэн таах, уоскутаары эрэ буолбатах, биир үксүн дьиктиргээн, билэ сатаан бастакынан тыл көтөхпүтэ… Виталий буоллаҕына, сөрү-сөпкө наардаабыт курдук суруйар, хайдахтаах да тылынан быдьардык саҥардаҕына холку баҕайытык тэтимин ыһыктыбакка хардарар, эбиитин өссө, үөрэтэ сатыырга дылытык, сэмэлиэх кэриҥнээх дьикти «саҥалаах» чоп курдук чобуо кыыһы, кырдьыга, бастаан абааһы көрбүтэ, онтон улам кэпсэттэҕин аайы сэҥээрэн испитэ.

Күннэтэ кэпсэл ырааппыта, аны иккиэн күүтүһэр, хаһан чатка киирэллэрин болдьоһор буолбуттара. Бу икки бэйэ-бэйэлэрин билсибэт киһи тугу сэлэһэллэрэ буолуо диигитий? Сэгэриэм, солуута да суох, суолтата да чычаас быыкаа сонун сыыһа, түбэһиэх туох эмэ айымньы да буоллун, күҥҥэ көстөр бары эгэлгэ туһунан таах кэпсэтии, санааны атастаһыы эдэр дьону балачча билсэллэригэр күөртээбитэ эрэ быһыылааҕа.

Сарсыарда, сүүрэн кэлээт, Маайыс:

– Доҕоор, мин ойдум, аны 2–3 чааһынан кэлээ инибин, – диэт, ыстанан хаалара.

Оччоҕо уол ити кэмҥэ суоттанан, кыыһын кэтэһэ таарыйа, туох баар күннээҕи үлэтин бэрт түргэнник бүтэрэ охсоро. Онтон Маайыс кэлэригэр тугунан эмэ булгуччу соһутаары, интернети биир гына «кэрийэн», итини-маны ааҕан илистэ быһыытыйара. Итинник сылаарҕаан олордоҕуна эмискэ кыыс «тиийэн» кэлэрэ, аҕыйах тылынан ханна сылдьыбытын, тугу истибитин тэбии охсоро. Маайыс уол куруук чатка баарыгар үөрэнэн да хаалбыта. Кининэн сирэйдээн, куруук кэтэһэр-күүтэр киһилээх буолан, сарсыардаттан бэрт тиэтэлинэн компьютерын холбуу биэрэрэ, Виталий баарын көрөөт, үөрүүтүттэн мичээрдээн ылара.

Биирдэ политиктар тустарынан, туохтан сылтаммыта буолла, мөккүһэн турбуттара. Ханнык эрэ түгэҥҥэ, кыыс собус-соруйан уолу кыынньаабыта, букатын да дьиҥ иһигэр бэйэтэ санаабатын курдук төттөрү куолулаан үтэн-анньан турбута уонна кини тугу диирин долгуйа күүппүтэ. Соһуйуон иһин, Виталий бэрт тулуурдаах уонна олохтоох тыллаах буолан биэрбитэ. Кырдьыга, кыыс, кинини эмиэ кыыһыран, маатыралаан-үөхсэн да турдаҕына соһуйбаттыы бэлэмнэммитэ эрээри, бу сырыыга тоҕо эрэ оннук буолбатаҕа.

Итинтэн ыла Маайыс кыра-кыралаан уолу чыычылыыр идэлэммитэ, кырдьык-хордьук уол сэрэйбэтин курдук араастаан дьээбэлиирэ уонна, соһуйуон иһин, түмүгэр бэйэтэ наһаа астынара, ис-иһиттэн долгуйа үөрэрэ. Уол ол курдук өйдөөҕүн, олохтоох тылын, наһаа тобуллаҕастык, хайдахтаах да киһиэхэ чугастык, түргэнник тиийэр гына наҕыллык быһаарарын кыыс сөбүлээбитэ. Биирдэ кини үлэтигэр ыктаран, санаата оонньоон, хомойон, ытыахча да буола сыһан, эмиэ приватка киирэн Виталийга үҥсэргээбитигэр, оруобуна били урут эһэтэ оҕонньор уоскутарыныы, наллаан сүбэлээн, тугу эрэ холобурдаан күллэрэн, устунан таһы-быһа умуннаран кэбиспиттээх. Онуоха чэпчээбит, санаатын дьайҕардыбыт кыыс соһуйан саҥа аллайбыта:

– Сэгээр, хата, эн туох эрэ психологкын ээ, быһыыта? Сеанскар төһө харчыны ылааччыгыный? – диэн күлбүттээх.

Уол оонньууну тута өйдөөн:

– Уу, хотуой, мин өҥөм наһаа сыаналаах, кырдьыаххар да диэри төлүүрүҥ биллибэт, – диэн төттөрү хаадьылаабыта…

Ити тухары дьиҥ-дьиҥэр кинилэр үчүгэйдик билсэ иликтэрэ. Онтон арай биир күн Виталий чуолкайдаһан турбута.

– Бэйи эрэ, эн аатыҥ-суолуҥ кимий? Мин буоллаҕына, инженербин, кэргэним суох, таптыы сылдьыбытым диэн баһаам. Билигин көҥүл-босхо хаамабын эрээри, доҕор кыыһым суох… Билсэбит дуо?

Маайыс күлбүтэ, билсибиппит ырааппыт курдук эрээри, кырдьык да билсэ илик эбиппит диэн хардарбыта. Хаартыскаларын Виталий утуу-субуу: «Лови!» – дии-дии, ыытан-кутан испитэ. Маайыс мониторун тобус-толору толорбут уол мөссүөнүн наһаа сөбүлүү көрбүтэ, ордук өйдөөх баҕайы харахтарын. Бу – сайын, арааһа, сөтүөлээн тахсыбыт быһыылаах, кытылга турар, оттон бу – кустуу сылдьан түспүт, бу – мээчиги хабаары охтон аҕай эрэр, бу – отоннуу сылдьар, арааһа, сүрэҕэлдьээбит дуу, тоҕо эрэ сыппыт эҥин… Хайа, бу – хайыһардаан дайбыт, бу – хайа эрэ кыыстыын таһырдьа, мууска кутуллубут катокка, хаҥкылаан сырылаппыттар.Үчүгэй да баҕайы! Оттон бу – бүүс-бүтүннүү бурдук буолан тугу эрэ буһара сылдьар, бу – үҥкүүлүү сылдьар, бу – даачаҕа дуу, тыаҕа дуу, хаар күрдьэр быһыылаах, бу – компьютерыгар киириэх айылаах тугу эрэ көрөн аҕай олорор.

Оттон кыыс бэйэтин киэнэ хантан кэлиэй? Инженер уол курдук кини компьютеры хантан билиэй? Санаа хоту талбытын ыытар кыаҕа суоҕа, кими эмэ көрдөһүөн кыбыстара. Ону, инньэ диэн быһаарбытыгар, Виталий тоҕо эрэ ылыммыта, баалаабатаҕа.

Ити курдук үс ыйы быһа суруйсубуттара. Онтон биирдэ уол соһуйбут курдук суруйбута:

– Маша, оттон, хата, төлөпүөн диэн баар дии? Давай, я позвоню?

Иккиэн күлбүттэрэ, кыыс тута төлөпүөнүн биэрбитэ, уол кини куолаһын истээт «бүтээхтээбитэ».

Кини туруупкаҕа иһиттэҕинэ, Маайыс наһаа сэмэйдик, намыыннык, тарда соҕус унаарытан саҥарара, биир кэм холку бэйэлээҕэ уонна долгуйарын даҕаны букатын биллэрбэккэ кыана туттар кытаанах соҕус быһыылааҕа. Виталий маннык сылаас уонна нарын куоластаах кыыһы, кырдьыга, биирдэ да көрсө, истэ илигэ. Туруупканы тутан олорон хараҕын симнэҕинэ, букатын билбэт кэрэчээнэтин мөссүөнэ субу устан кини иннигэр көстөн кэлэрэ. Санаатыгар, Маайыс кыып-кыра, хаап-хатыҥыр уонна төөп-төгүрүк оҕолуу мыттайбыт сирэйдээҕэ, кыбыста быһыытыйбыттыы сабыччы көрбүт кыараҕас харахтардааҕа, кыргыылаах баттаҕын сымнаҕас тыал ыһан үргэҥнэтэрэ. Уол сүрэҕэ дьиктитик мөхсөн, түөһүн иһэ сып-сылаастык илгийэн, кими эрэ наһаа күүскэ таптыан, туохтан эрэ көмүскүөн баҕарар ураты иэйиигэ куустарбыта.

Оттон Маайыс, Виталийы хаартыскатынан инники көрбүт киһи быһыытынан, улам-улам сөбүлүүрэ күүһүрүөххэ дылыта, арай, көрсүөх диэтэр эрэ… кини сибилигин да сүүрүөх курдук туруктааҕыттан симиттэ санаан, көрбөккө да олорон, имнэрэ тэтэр гына түһэллэрэ.

* * *

– Маайыс, привет:-)), – диэбитинэн Виталий «ыҥыра» олорор эбит…

Кыыс өөр баҕайы саҥата суох соҥуоран олорон баран, аат эрэ харата:

– Дорообо… – диэбитэ.

– Хайа-а, дорогая:-)), туох буоллуҥ? Неужто нездоровится? Как жаль:((, – диэн уол айманан, арааһы ыйыталаһан барбыта да, Маайыс сатаан кэпсэтэриттэн ааспыта, бэҕэһээҥҥи дьахтар куолаһа кини кулгааҕар субу иһиллэргэ дылыта…

Онтон, синим биир дии санаат, суруйбута:

– Виталя, мин эйигин мэһэйдиир санаам суоҕа, этиэҥ этэ буоллаҕа дии, кэргэннээхпин диэн? Мин туох диэн утарыамый? Ол эрээри, бу кылгас да кэмҥэ, виртуально да буоллун, бэртээхэйдик сэһэргэһэр доҕордоно сылдьыбыппар эйиэхэ махтанабын, дьоллоох буол, Виталя… – диэт, толору уу-хаар бычалыйбыт харахтарынан ситэ тугу да көрбөккө, приваты саба баттаабыта, миркэтиттэн куоппута…

Кыыс үлэтигэр олорорун умнан, кимиэхэ өһүрэрин дуу, кимтэн эмэ атаҕастаммыт курдук санаммытын дуу бэйэтэ да өйдөөбөккө, тоҕо эрэ ис-иһиттэн хоргутан, кистээн ытаабыта. Суох, Виталийга кыыһырар санаата суоҕа, туох диэн даҕаны кини уолу буруйдуой? Барыта мирк, чат буоллаҕа дии?! Хантан, кырдьыга да, ити ситим курдук илимҥэ иһирэхтик сэһэргэһэр киһини булуоҥуй? Барыта албын-түөкэй буолара баа буолуо дуо? Атына – уруһуй, оо, дьэ… буолан истэхпит. Баҕар, Виталий диэн киһи… букатын да суоҕа, соруйан оҥорон-сэрэйэн көрөн ааттаныы буолуо. Ханнык эмэ оҕо дуу, пенсионер дуу албыннаабыт буоллун, хантан тугу билиэҥий?! Ол эрээри Маайыс сүрэҕинэн таайар курдуга, уол хаартыскаҕа көстөр сэбэрэтигэр куолаһа да дьүөрэлэһэрэ, толкуйдаах тыла-өһө, наҕыла, барыта сөп түбэһэргэ дылыта. Суох, кини сыыһыан сатаммат, уол дьиҥэр да баар киһи буолуо ээ. Оттон албын өттүн… билбит суох.

Маайыс аны хаһан да миркэҕэ да, чатка да киириэм суоҕа дии саныы олорбута, тохтоло суох сүүрэр хараҕын уутун кыра оҕолуу илиитин тас өттүнэн хаһыйаат, кумааҕытын үрдүгэр түспүтэ. Бэйэтиттэн бэйэтэ кэлэйбитэ, барытын умнуохтааҕын туһунан букатыннаахтык сананан эрэрэ да…

Сонно тута төлөпүөнэ өрө тырылыы түспүтэ. Бобуулаах кэмҥэ, бобуулаах сиргэ Виталий эрийэрин кыыс сүрэҕинэн сэрэйбитэ, туруупканы ылыан баҕарбатаҕа. Ол эрээри кини дьаһалын истиэн баҕарбат илиитэ, тоҕо эрэ тохтообокко, бэрт сорунуулаахтык тылыгырыы турар аппарааты ылан кулгааҕар даҕайбыта…

Виталий уларыйан, кэһиэҕирэ охсубут куолаһын чуут билбитэ.

– Машенька, иһит, тохтуу түс… Мин эйигин албынныыр санаам суоҕа… Ол эрээри итинник түбэлтэ буолбутун мин билбэтэхпин… Оччотугар көрсүөххэ, мин туох баар кистээбит кырдьыкпын иһит, ол кэнниттэн бэйэҥ быһаарыаҥ этэ… – диэбитэ Виталий уонна ыарахан баҕайытык үөһэ тыыммыта…

Маайыс сүрэҕэ тугу эрэ сэрэйэн «парк» гыммыта, туох да диэҕин билбэтэҕэ эрээри, бадаҕа, кини саҥата быһыылааҕа:

– Ханна бааргыный? Аадырыһыҥ? – диэбитэ.

Туманнырбыт харахтарын быһа симпитэ, олоппоско сытар суумкатын харбаат, таһырдьа ыстаммыта… Бобуулаах тэрилтэ эрэ, кистэлэҥ үлэ эрэ… бу түгэҥҥэ кыыс төбөтүгэр туох да суоҕа, арай баара: сыччах дууһатын кыланыыта, сүрэҕин ооккотун дьикти бүтэҥитик битигириир дьулаан тыаһа…

* * *

Маайыс, этиллибитин курдук, аһаҕас ааны оргууй арыйан, хараҥа баҕайы хоско киирэн кэлбитэ да, тугу да бу диэн өйдөөн көрбөтөҕө, ким да баара биллибэт курдуга. Чочумча турбахтаабыта, эмиэ албын буоллаҕа диэн мунаара таалбыта. Онтон харахтара борук-сорукка дьэ үөрэнэн, кэҥэс хос иһигэр түннүк анныгар бэрт көлөттүгэс көрүҥнээх күөхтүҥү кириэһилэ турарын бэлиэтии көрбүтэ уонна онно киһи олорор буолуохтааҕын сэрэйбитэ эрэ.

Кырдьык, ол кэтит кириэһилэҕэ Виталий олороро. Кини кыыс киирэн иһэр тыаһын ыраахтан истибитэ уонна… сыыспытын өйдөөбүтэ. Хас эмэ ыйы быһа хараҕар ойуулаан-оҥорон көрбүт кыра хатыҥыр кыыс туттуута буолбатах быһыылааҕа. Маайыс, кини таптыы охсубут кэрэчээн кыыһа, букатын атын эбит, күүстээх чоруун атахтардаах, бигэтик үрдүк хобулукка дугуммут буолуон сөбө, эдэр кыыс холугар киэҥ соҕустук атыллыырыттан сэрэйдэххэ, бэрт уһун атахтардаах быһыылаах, ол аата уҥуоҕунан лаппа үрдүк эбит диэн быһаара охсубута.

Онтон Маайыс киирбитигэр илэ бэйэтин саҥата суох тонолуппакка көрбүтэ, тылыттан маппыта: кини иннигэр үрдүк бэйэлээх, сип-синньигэс бииллээх, күөкэйбит уһун моойдоох, хойуу баттаҕын кэтэҕэр хомуйан чөкөппүт этиэхтэн эриэккэс кыысчаан, килбиктик эрээри, сорунуулаахтык туттан турара. Ама дуу… Виталий били өйүгэр оҥорбут хартыыната сонно сууралла охсубута, түргэнник кыыс сирэйин, сырдык сэбэрэтин көрө охсуон баҕарбыта, ол иһин нэһиилэ:

– Маша, дорообо, кэлиий, чугаһаа, аас… Бырастыы гын, мин… бу баарбын… – эрэ диэбитэ.

Кыыс соһуйбута:

– Уот… уотуҥ ханан холбоноруй? – диэн ыйыппыта.

Виталий:

– Суох, түбүгүрүмэ, мин манна светильниги холбуом, – диэбитэ уонна, хайдах эрэ бэрт нүһэрдик нөрүс гынан, сиргэ ханна эрэ баар көстүбэт кнопканы даҕайбыта быһыылааҕа…

«Оо!!!» – диэн соһуйан саҥа аллайыан, Маайыс иһиттэн саҥата тахсыбатаҕа. Кини иннигэр Виталий буолбатах, чахчы да атын киһи олороро… Хаар маҥан баттахтаах, сирэйэ баас дуу, чэр дуу буолбут, сабыччы түспүт халтаһатыгар мэһэйдэппит соҕотох харахтаах, олуона көстүүлээх хаһан да харахтаабатах дьиппиэн дьээдьэтэ этэ. Кыыс, куттанан төттөрү сүүрүөн, турар сиригэр хам хатаммыт курдуга, дөйбүт да быһыылааҕа.

– Маша, бырастыы гын, мин барытын быһаара сатаан көрүөм… Тулуйан истиэҥ дуо? – диэн кини билэр куолаһа, суох ити сирэйтэн буолбатах, ханна эрэ ити эҥээртэн иһиллэргэ дылы буолбута.

Кыыс чугаһаабытыгар кини сирэйин Виталий, дьэ, табан көрбүтэ: муус-маҥан нарыын-нарын иэдэстэрдээҕэ, ойуу курдук дыргыллыбыт уһун хойуу хаастардааҕа, кип-киэҥ, кыратык ыйаастыгас, өйдөөх харахтарын көмүскээбиттии уһун-уһун кыламаннара ибигирэһэллэрэ, сүһүөхтээх үрдүк мунна кинини ордук тупсарара эрээри быдан тоҥуй көрүҥнүүргэ дылыта, хайа… уонна чараас бэйэлээх быыкаайык уостара… уолу олус долгуппуттара… Биир кырааска сыстыбатах, кэрэтийэ сатаан кэмэ суоҕу бистибит билиҥҥи кыргыттартан чахчы ураты кыыс кини соҕотохсуйбут курус ыыспатыгар дьикти хартыына кэриэтэ биирдэ буола түспүт эбит.

Бачча бэйэлээх, таҥара табатын курдук кэрэ саха кыысчаана хайдах соҕотох үһүө? Хаһан кинини киһи диэхтиэй, тэҥниэй диэн санааттан сонно харааста быһыытыйбыта, бэйэтин бодотуттан бэйэтэ абаран, соххор хараҕыттан соҕотох таммах сүрэҕэлдьээбиттии ыгыллан тахсан чэрдээх иэдэһигэр, ханна да барыан билбэттии, мунаарбыттыы ыйаммыта…

Кыыс чугаһаабыта, кириэһилэҕэ олорор киһи иннигэр тобугуттан тардыһан оргууй олорбута уонна дьиктиргээбит харахтарынан кинини тонолуппакка одуулаабыта.

– Виталий, эн?..

– Мин, Маша, бу – мин, дьиҥнээх илэ бэйэм эн иннигэр олоробун, эн дьүүлгүн истээри. Үөхтэххинэ да, кэлэйдэххинэ да, эргиллибэттии куоттаххына да… тулуйарга бэлэммин… – диэбитэ киһи нэһиилэ иһиллэрдик.

Ким да, тугу да ыган таһааран саҥарбат ыарахан чуумпута тыҥаабыта. Онтон Виталий кэпсээн барбыта…

* * *

Сабыс-саҥа инженер идэлэммит кыһыл дипломнаах уолу куорат саамай биллэр институтугар үлэҕэ анаабыттар. Күһүөрү аан бастаан үлэҕэ барар кэмэ чугаһаабытын баттаһа, бултуу диэн, тыаҕа тахсыбыттар. Көмүс күһүн кэрэ көстүүтүнэн астынан, аатыгар эрэ булчуттар тыанан-өрүһүнэн бэркэ сылдьыбыттар.

Биир ардахтаах күн тыа саҕатыгар турар үүтээҥҥэ тохтоон хонон ааһарга быһаарыммыттар. Арай ол түүн хаайыыттан куоппут алта адьырҕа киһи кинилэргэ кэтиллэ биэрбиттэр, бары тэриллэрин, сэптэрин-сэбиргэллэрин, сааларын-саадахтарын былдьаан, туоҕа да суох хаалларарга, халыырга санаммыттар. Хабыр хапсыһыы буолбут.

Ол сылдьан, уоттаах хардаҕаһынан кинини төбөҕө саайан эрэр курдуктара… эмискэ ылы-чып, хабыс-хараҥа буолбута. Биирдэ өйдөммүтэ – хойуу инчэҕэй кытыан быыһыгар сытар эбит, төһө өр туймаарыйан сыппыта биллибэт, сыҕарыйа сатаан, илиитин-атаҕын көннөрө сатыыра да, кыаҕа тиийбэтэ, хамсаата да халлаана төттөрү эргийэн, эмиэ харыстала суох хараҥа сатыылыыра…

Дьиҥэр ити түбэлтэ элбэх киһини, ыалы аймаабыта. Бииргэ барбыт биир уолларын били баҕайылар букатын да ытан кэбиспиттэр, атынын улаханнык эчэппиттэр. Арай Виталийдара арыый инники өйдөнөн, нэһиилэ оронон тахсан суол чугаһыгар туора сыппытынан сирдэтэн, көрдөөччүлэр кинилэри булбуттар.

Ол кэнниттэн – балыыһа, ыарыы, тугу да көрбөт туруктаах харахтар, тохтоон быстыбат төбө ыарыыта, хамсаабат илии-атах… Ыарахан күннэр этилэр. Кини дьолугар, эдьиийэ тыаттан киирэн ыарыылаан абыраабыта. Сыппыта сыл кэриҥэ буолан баран нэһиилэ олорор, кыратык хамсыыр, саҥарар буолбута. Эдьиийэ киниэхэ олус бэркэ сыһыаннаһара, мэлдьи үөрэ-көтө кэлэрэ, сонуна баһаам буолара, аралдьыйара элбэҕэ, ол эрээри палаатаҕа киирбиттэр, атыттарга кэлбиттэр кинини куруук соһуйбуттуу, дьиктиргии көрөллөрүн кэнникинэн сатаан өйдөөбөт буолан испитэ, ааранан тугу эрэ кистииллэр дии санаан дьаархаммыта.

Биирдэ аҕаһын: «Сиэркилэтэ аҕалыый», – диэбитин анарааҥҥыта тоҕо эрэ эмиэ умнан, устунан аралдьытан кэбиспитэ. Ол иһин соруһан туран, палаататтан эдьиийэ тахсыбытыгар, нэһиилэ уунан тэйиччи сытар суумкатын ороон, пудреницаны таһааран көрүнэбин диэн… куһаҕан буола сыспыта. Кини иннигэр сөҕүмэр дьүһүннээх, кэбилэммит сэбэрэлээх, дьаабы да дьаабы, билбэт киһитэ олороро… Сүрүүн, чахчы да кэйгэллэммит диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

Виталий сэниэтэ суох илиититтэн сиэркилэтэ сиргэ кэлэн түспүтэ, икки аҥыы хайа барбыта. Оттон уол өөр да өр саҥата суох сыппыта, арааһы эргитэ санаабыта уонна кэскилэ түІнэстибит эдэркээн сааһыныын бырастыыласпыт курдук биири санаахтаабыта. Эдьиийэ да, сиэстэрэ да киирэн кэпсэтэ сатыыр саҥаларын уол истибэтэҕэ. Ити күнтэн ыла киниэхэ букатын атын олох аанын арыйбыта…

Ама дуу, туох үлүгэрэй? Туох иһин? Мин эдэрбин эбээт? Субу соторутааҕыта туох баар барыта мин туспар чэпчэкитик да кыаллыах курдуга. Төһөлөөх үлэлиэм, дьоммун үөрдүөм этэй? Оо, абакка эбит, таптыам, кэргэн ылыам диэн ыралааҕым… Ханнаный?! Бүттэҕим… Доҕотторо мэлдьи киэн туттар бастыҥ уоллара, эчи даҕаны, эрэннэрэрэ суох маннык быстахха эһиннэҕэ?!

Ити ыар санаа кинини бобо туппута уонна ыбылы ылбыт ытарчатыттан ыһыктыбатаҕа. Виталий майгылыын уларыйбыта. Дьулаан сирэйигэр дьүөрэ кэбиһэн дьэбидийбитэ. Кимниин да санаатын үллэстэн сиһилии кэпсэппэт, үтүөрэргэ таласпат, туохха да кыттыспат-орооспот буола сатаабыта, күн сирин сырдыгар ымсыырбат, ырааҕы-ырааһы ыралаабат буолбута, ырыых-ыраах бэйэтигэр бүкпүтэ. Дьонуттан тыаҕа барбаппын, миэхэ дьиэтэ ылан кулуҥ диэн көрдөспүтэ. Аймахтара бары сүбэлэһэн биир хостоох дьиэни куорат киинигэр атыыласпыттара, көһөрбүттэрэ. Ол күнтэн ыла оннооҕор эдьиийин көмөтүттэн кыккыраччы аккаастаммыта, барыларын тэйиппитэ, соҕотох олорорго букатыннаахтык быһаарыммыта.

Субу сүүрэ-көтө сылдьыбыт бэйэкэтэ курус кириэһи-лэҕэ эрэ олорор кыаммат эдэр киһиэхэ кубулуйуута дьиҥ иһигэр киниэхэ ордук ыара. Хайдахтаах санаа оонньооһунун, санаа самныытын, санаа кэхтиитин турууласпытын кыһалҕалаах эрэ сэрэйиэ эбитэ ини? Бэйэтэ туругун таска биллэрэ сатаабата, ким да көмөтүн ылыммата олоххо туруулаһыытын бэлиэтэ этэ. Били анаммыт үлэтигэр кинини хамнастыыр эрэ туһуттан… дьиэҕэ олорон тугу эмэ гынарыгар сөбүлэнэллэригэр, көҥүллүүллэригэр үөрэппит преподавателэ, кырдьаҕас киһи сүүрэн-көтөн кэпсэппи-тин уол хойут сэрэйэн эрэ билбитэ. Онон Виталий аһылыгар уонна эмигэр туттар син сөп соҕус хамнастаах буолбута. Инбэлиит диэтэххэ үлэтин ымпыгын-чымпыгын билэрин бары соһуйа хайҕаабыттара, кэнникинэн ыйытааччы, сүбэлэтээччи даҕаны элбээбитэ. Уол онно кыһаллыбата. Киниэхэ саатар эрэ буоллаҕа. Ыйтан ый, сылтан сыл ситигирдик ааһан испиттэрэ.

Биир үтүө күн киниэхэ урут хаһан эрэ үөрэнэр эрдэххэ билсэ сылдьыбыт кыыһа, хантан эрэ истэн, кини ханна олорорун булан, кыра оҕотун сиэппитинэн киирэн кэлбитэ. Эрэйдээх-буруйдаах дьылҕатын дуомун ытаммыта. Эрин, кинини оҕотунуун атаҕастаабыт киһини, үүрбүтүн уонна манна куоракка күрээбитин кэпсээбитэ, аҕыйах кэмҥэ бу дьиэҕэ кинини тулуйарыгар көрдөспүтэ. Виталий саҥарбатаҕа. Таптаабатар да, урут кыыстыын билсэ эрэ сылдьыбыт эдэр сааһын өйдөбүлүгэр Аняны, аны кэлэн кимниин билсиэмий да диэн, киниэхэ олорорун утарбатаҕа. Бастаан утаа Аня арааһы-сонуну астаан, аһатан-сиэтэн, таҥаһы-сабы тэҥҥэ сууйан-сотон, кырдьык, сырдык сардаҥаны ыспахтыыр кэриэтэ кини соҕотохсуйбут киэһэлэрин киэргэтэргэ дылы гыммыта…

Онтон… Саҥа дьыл түүн Аня киниэхэ хоонньугар киирэн ытаабыта-соҥообута, мэлдьи кинини эрэ таптаабытын туһунан сипсийбитэ, көрдөспүтэ-ааттаспыта… Уол бэйэтэ да киһи ымсыырбат дьылҕатыттан төлөрүйэр-быыһанар кыаҕа суоҕун бэркэ билэрэ. Ол иһин киниэхэ синэ биирэ: тугу да саҥарбатаҕа, оргууй аҕай ытаан санна дьигиҥниир эдэр дьахтар санныгар илиитин уурбута…

Ити итинэн ааспыта. Аня уруккутун курдук эгэ-дьэгэ буолбат буолбута, сороҕор туохтан эрэ эмискэ кыйыттар-кыыһырар, ардыгар аһыы арыгы сыттаах кэлэн иһити-хомуоһу тыаһатар идэлэммитэ. Тырыттар-тымтар кэмигэр киһини тэйитэр кэдэрги соҕус кэмэлдьитин уол абааһы көрбүтэ. Бырааптаах хаһаайка кэриэтэ тимир-тамыр туттара, ол быыһыгар хастыы да күн мэлийэн хаалара. Оҕотун тыаҕа таһаарбыта, бэйэтэ ханна эрэ үлэлиир аатырбыта. Кинини, босхоҥ буолбут сордооҕу, солото суох солкоҕо суулуурун-оҕолуурун, көрөрүн-истэрин уонна сылайарын-сындалыйарын туһунан дьоҥҥо оІорон кэпсиир идэлэммитэ.

Биирдэ Виталий тулуйбатаҕа:

– Аня, эн биһикки туох да сыһыаммыт суох, миигин сылатыма, дойдулаа, миэхэ булкуһума, – диэн холкутук эппитэ.

Онуоха дьахтар утарбыта:

– Ээ, эрэйдээх, миигинэ суох хайдах кыаныаххыный? Дьэ, туох да диэ, мин эйигин көрөрбүн киһи барыта, оннооҕор тэрилтэҥ кытта билэр. Син биир ситиһиэм: миигин ойох ылбытыҥ эрэ баар буолуо, саатар, пенсияҕын аҥаардаһаа инибин? – дии-дии күл да күл буолбута, куукунаҕа баран эбии истэ быһыылааҕа, бэркэ хорсуннук туттан төттөрү-таары хаампыта.

Виталий саҥата суох компьютерыгар нөрүйэн олорбута, киҥэ-наара алдьаммыта, үлэлиэх санаата төннүбүєєєтэ. Таах олоро сатаан чатка киирбитэ, тылга тииһэ сатаан, кыһыытын-абатын таһаара таарыйа, итиннэ толугураһан олорор дьону хаадьылаан, этиспитэ буола сатыы олорбута. Санаатыгар ити тыллары барытын куһаҕан-быртах майгылаах Аняҕа этиэхтээҕэ да, тыл таһааран айдааны күөдьүтүөн кини баҕарбатаҕа… Ол иһин айылааҕын, этиһиэн баҕалаахтары интернет илимигэр булан, бэркэ итийэн этэ-тыына олордоҕуна, арай кып-кыһылынан чыпчыҥнаан кыыс «кэлбитэ» уонна «тук-тук-тук, к Вам можно?» диэбитигэр эмиэ оргуйан турбута, буруйа суох кыыс үрдүгэр түспүтэ, киниэхэ быдьар соҕустук бары абатын-сататын таһааран испитэ…

Онтон, арай биирдэ өйдөөбүтэ, уоскуйан хаалбыт этэ. Хаһан да кимниин да буолбатаҕын курдук, олус бэркэ кэпсэтэ-сэлэһэ, оннооҕор дьээбэлэһэ олороруттан бэйэтэ да соһуйбута. Туох чэпчэки тыыннаах кыыһай диэн санаан аһарбыта. Улам, оттомноох тыллардаах суругу хос-хос аахтаҕын аайы, маннык сэһэргэһиигэ олус да наадыйарын кэмниэ-кэнэҕэс бэйэтэ да өйдөөбүтэ быһыылааҕа.

Ити киэһэ Аня хотууска кэлбэтэҕэ. Сарсыныгар, кимэ эбитэ буолла, биир киһилиин киирэн, тыаҕа тахсарын туһунан, онно балачча буолуон биллэрээт, мэлис гыммыта. Онуоха Виталий, туох эрэ ыарахан сүгэһэри түһэрбиттии, үөһэ тыыммыта.

Ити күнтэн ыла Маайыс диэн кэрэ кыыс кини курус тыыннаах кэриэтэ олоҕор баар буолбута. Кини улугурбут этигэр-сиинигэр саҥа тымыр тыган киирбиккэ дылыта. Уол, бу сытар буолуоҕуттан ыла, тоҕо эрэ, дьэ, суунуон-тарааныан, минньигэстик аһыан баҕарар буолбута. Күннэтэ кэпсэтиини күөртээри эрдэттэн бэлэмнэнэн саҥа билсиитин күүтэр идэлэммитэ. Кыыс диэтэххэ, олус дириҥник, оттомноохтук толкуйдуурун уол кырдьыга да сөхпүтэ, дьикти интэриэс кини кутун биир муннугар киирэн кирийбитэ, туох эрэ кэрэни түстүөх кистэли иҥэриэхчэ кутугунаппыта. Уол хаартыскатын көрдөрүөн иһин, саҥатык хантан кэлиэй? Баара да буоллар, киһиэхэ буолуохтааҕар, кыылга да киһиргэнэр кэрээнэ суохха дылыта. Ол иһин, син биир бу кыыстыын мин туохпун ситимниэмий дии санаат, урукку хаартыскаларын мунньан, биир-биир ыыталыыр буолбута. Санаатыгар, Виталий ити хаартыскалары булан ыытар-бэрийэр кэмигэр эмиэ эдэр, киһи кэрэхсиир мөссүөннээх, таптыан-таптатыан баҕалаах курдук сананан, аралдьыйан ылара. Сорох ардыгар эчэйиилээх этим дуу диэн эчикийэ санаабатах түгэннэриттэн соһуйара уонна бу тухары Маайыстыын курдук кими да кытта ис-иһиттэн арыллан-хомуллан астына сэһэргэспэтэҕэ ырааппытыттан курутуйара. Ол эрээри уһун да уһун түүннэр киниэхэ мэһэй буолбуттара – Маша, Машенька, Маайыс кыыс, лыҥкынатар куоластаах наһаа да намыын барахсан, ама, түүл дуу, үһүйээн дуу курдук симэлийиэ буоллаҕай? Оо, тугун баҕас куруһай кинини көрбөт дьылҕалааҕа, таптыыр-таптатар кыаҕа суох, оһолломмут буруйугар, олоҕун устата тулуйуохтаах муҥа буоллаҕа? Итинник санаа кинини утуйар уутун аймыыра, ардыгар, араас санаа эргичитэн-урбачытан, олус хаарыйан-эрэйэн, сордоох хараҕыттан халаан уутун халыс гыннарара. Бэрдэ диэн биирэ: Виталийы бу түгэҥҥэ туораттан ким да көрбөтө, кини ыгыллан-тууйуллан мөлтөөн ылар кэмчи кэмин, муҥун, ытыыр сэдэх түгэнин туоһулара – сиэрэй обуойдаах түөрт эркиннэрэ саҥата суох иһийэн тураахтыыллара, эмэгэти эрэ санатар, эчэйбит эдэркээн уолга көмөлөһөр кыахтара суоҕуттан киһини ордук самнарар тыыннаналлара…

«Јйдөөх да кыыс, билиитэ да үксүн, оо, абаккам, уруккум эбитэ буоллун, хайдах эрэ сүүрэн тиийиэ этимий? Сэмэй бэйэлээх сирэйин ооккотун көрөөт таайыам этэ буоллаҕа: миэнэ дуу, атын уол анала дуу? Кини миигин сириэ этэ дуо? Суох ини? Виталий кыргыттарга мэлдьи да бэрт сыһыаннаах буолара, иирсэр-хаадьылыыр, атаҕастыыр-албынныыр кэмэлдьитэ суоҕа ээ. Оттон Маайыһы кини, бука, таптыа да таптыа этэ ээ…» – уол итинник санаата оонньууруттан эрэйдэнэр буолбута эрээри, күнүс миркэҕэ кыыс суруйбутун көрдөр эрэ барыта ааһа охсоро, кини иһиттэн чэпчиирэ, үөрэрэ-көтөрө, оттон киэһэ эт кулгааҕынан кэрэчээн кыыһын астына истэрэ. Биирдэ Маайыс… хайдах эрэ… кинини көрүөн баҕарар курдугун тылын тамаҕыттан таайбыта, ааранан дьаархаммыта, эмискэ сүрэҕэр ыттарбыта, ол иһин, түргэн үлүгэрдик атын сонуҥҥа аралдьыта охсубута… «Акаарыа, кыыс эйигин көрдөр эрэ – бүттүҥ, маннык кэпсэтиилэр, астык сэһэргэһиилэр итинэн бүтүөхтэрэ, ону кытта эн бэйэҥ… симэлийээхтиэҥ буоллаҕа…» – ити куттал санаа кини кутун хамсаппыта, эрдэттэн чаҕыппыта.

Виталий ити туһунан санаабат буола сатыыра, барыта бүгүҥҥүнэн эрэ аастар диэн дьулуһар буолбута, Маайыстыын астына билсэр-кэпсэтэр кэмнэрин кыаҕа баарынан уһата-тарда сатаабыта.

…Ол эрээри, эн бэйэҥ быһаарыныаҥ иннинэ, мэлдьи туох эмэ бүөлүү түһэрин куолутунан, бу да сырыыга… оннук буолбута. «Билигин суунуом, ып-ыраас киһи, Машенькабыныын астыктык да астыктык кэпсэтиэм уонна сылаастык утуйуом», – дии санаан, Виталий ваннаҕа киирбитэ.

Тахсыбыта – айдаарбытынан Аня олорор! Тыаттан киирбит, биир киһи аргыстаах, аһаабыттар, онно эбии оҕотун соһо сылдьар! Били кэпсэтиэх буолбут санаата сонно суураллан, уку-сакы кэлээскэтинэн анньынан тиийэн, Виталий оронугар ыттар, эркин диэки хайыһан саҥата суох сытар уонна: «Оо, таҥара, Маайыс, мааҕын баҕар, даачаҕа барыам диирэ, эрийбэтэр ханны-ык, мин кэпсэтэр кыаҕым суох буоллаҕа», – диэн баар дуу, суох дуу таҥараттан көрдөһө саныыр…

Сарсыарда, били хоммут киһи туруон иннинэ, «саһыла киирбит» Аня киниэхэ чугаһаан, араастаан куолаһын уларыта-уларыта, эриллибитэ:

– Виталий, эн биһикки хаһан ЗАГСка барыахпытый? Тиэтэйиэххэ наада, быйыл ыал буолбуттарга чэпчэтии элбэх буолуо дииллэр, – дии-дии, туох эрэ онно суоҕу элбэҕи кэпсии-кэпсии, күлэн сыһыгыраабыта.

Онуоха Виталий:

– Забудь раз и навсегда, ты мне – никто, и вообще, убирайтесь вон, хватит издеваться! Или вызываю милицию! – диэн, бу тухары саҥарбакка тулуйбут бары абатын таһааран, бэрт кырыктаахтык эппититтэн бэйэтэ да соһуйбута.

Киһи уһукта биэрэн, дьыала куһаҕаннаппытын өйдөөн, хомунар аакка барбыта, оҕо ытаабыта. Онуоха Аня, айаҕын муҥунан алларастыы-алларастыы:

– Ха-ха-ха, айуу, бу да киһи, күллэрдэххин? Бэйи эрэ, арба даҕаны, эн бэйэлээххэ кыргыттар наадыйан эрийэллэр эбит дуу? Уу, киһи да күлүөх, хайа чээкэ эйиэхэ наадыйбытай? Хата, мин онно түбэһэ кэлэр кырасаабысса буоллаҕым, киирээт да, өр толкуйдаабакка, хардаран хаалбытым! Ойоҕунабын диэбитим, өссө ону баара миэхэ оҕо оҥорбут, төрөөрү олоробун диэбитим, доҕор! Дьиҥэр, эн сордоох оҕо да оҥорор кыаҕа суох эрээригин? Оттон, аһынаммын, эр киһи диэммин киэргэттэҕим, балачча баһан соҕус үрдэттэҕим дии?! Онон, ити эрийэр бодуруугаҕын өтөрүнэн көрбөтүҥ буолуо. Аныгы дьахталлар маннык инбэлииккэ тоҕо наадыйдахтарай?! – диэбитигэр, Виталий хараҕа хараҥарбыта, хаһыытыы түһээт, аттыгар баар кинигэни, дьахтары туһулаат, күүһүн муҥунан кыыраппыта.

Ыҥырыллыбатах ыалдьыттара хомунан барбыттара. Оттон илиилэрэ салҕалас буолбут Виталий компьютерыгар чугаһаан, аа-дьуо холбообута, уонна… эрэнэ-эрэйэ, иһигэр бэҕэһээҥҥи таҥаратыттан көрдөһө-ааттаһа, Маайыһын күүппүтэ…

– Онтон салгыытын эн билэҕин… Маайыс эйигин мин… үчүгэйкээн кыыс диэн сэрэйэрим ээ, ол гынан баран… – Виталий наһаа да кэрэҕин диэн тоҕо эрэ тыла тахсыбатаҕа. Ол иһин санаатын быһа эппитэ. – Мин миигин эрийбит-эрэйдээбит дьылҕам оҥоһуутун билэбин. Интернетинэн да балачча хасыһан көрөбүн, миэхэ көмөлөһүөх күүс суох. Мин кими да дьоллуур да, кэрэҕэ сирдиир да кэнэҕэским суох. Кырыымчык нүһэр олохпун кимиэхэ да соҥнообоппун. Ол иһин эйигин, туохха да соруйбакка таах кэпсэтэр доҕор оҥостубутум, ама, албын аатырыа дуо? Биир да түгэҥҥэ эйиэхэ сымыйалыыр санаам суоҕа. Арай, аһыллыбытым дьиктититтэн таайдахпына, эн курдук холку уонна өйдөөх кыыс (уол дьиҥэр «кини мин аттыбар баар буоларыгар наадыйар эбиппин» диэн санаабыта да, хантан миэхэ оннук дьол тосхойуой диэн, таһыгар атыннык эппитэ) кыра да кэмҥэ миэхэ көстөн-кэпсэтэн ааспыккар махтанар эбиппин…

* * *

Маайыс наһаа хараастыбыта, истибитин итэҕэйбэккэ олорбута, уол кэпсээнэ уһунуттан сылайан дуу, биитэр санааҕа түһэн дуу, кини мааҕын үйэҕэ муостаҕа олорунан кэбиспитин да аахайбатаҕа… Виталий, истибит да киһи итэҕэйбэт, ыар билиниитин кыыс сүрэҕэр ыарыылаахтык ылыммыта… Биирдэ өйдөөбүтэ, иккиэн да саҥата суох олороллор эбит. Арай ыйыппакка сүүрэр харах уутун ыраас таммахтара уоллаах кыыс тохтоло суох мускуйар илиилэрин инчэппиттэрэ ырааппыт эбит.

– Маша, миигин бырастыы, кырдьык да, хаартысканан… албыннаабыппар, буруйдаах эбиппин… – уу чуумпуну Виталий кэһиэҕирбит намыһах куолаһа уйгуурдубута.

Иккиэн да онтон соһуйан дьик гыммыттара. Олорбохтуу түһэн баран:

– Тыый, туох диэтэҥий, оттон бэйэлээх бэйэҥ киэннэрэ буоллаҕа эбээт. Эн ыыппатаҕыҥ буоллар, мин эн уруккугун хантан билиэ этимий? – диэн Маайыс уоскута сатаабыта.

Виталий киниттэн тугу эрэ эрэйэргэ-күүтэргэ дылыта да, кыыс атыны тугу да саҥарбатаҕа, ордук-хос ыйыппатаҕа да, сураспатаҕа да…

– Виталий, мин… сотору Питердиибин ээ… син балачча буоларым буолуо, – диэбитэ арай кини тыІаабыт чуумпуну быһа түһэн.

Бүттэхпит ити. Оо, тугун баҕас куһаҕанай? Кыыс бардаҕа, кинини умуннаҕа. Субу көрөөт, аны кинини хаһан да көрсүбэт аналлааҕа эрдэттэн ыйыллыбыт эбит. Виталий туох баар күүһүн мунньунан мичээрдээбитэ буола сатаабыта, төбөтүн кэҕиҥнэппитэ.

…Кыыс тоҕо эрэ дьиктитик иһийбитэ. Уу чуумпу нүһэрдик ыгылыппыта. Виталий: «…Манан мин дьолум ирээтэ бүттэҕэ, кэрэчээн Маайыһым, быраһаай… Оо, ол иһин даа, маннык кэрэ кыысчаан, ама да, мин курдук эрэннэрэрэ суохха, ырата мэлийбиккэ, кэскилэ кэхтибиккэ кэлэн көстүбүтэ да махтал ини…» – диэн иһигэр кытаанахтык саныы олорбута, сырдыгы көрдөрөр соҕотох хараҕын быыллаах муостаҕа туһулаабыта, сибилигин көрбүт нарын мөссүөнүн өйүгэр хатыы сатыырдыы, илиитинэн сүүһүн саба туттубута.

€2,33
Altersbeschränkung:
0+
Veröffentlichungsdatum auf Litres:
09 Mai 2024
Umfang:
160 S. 1 Illustration
ISBN:
978-5-7696-3098-9
Rechteinhaber:
Айар
Download-Format:

Mit diesem Buch lesen Leute