Buch lesen: «Эɮэрдэлэр. Баɮа санаалар. Анабыллар»

Schriftart:

© Оформление. ООО «Издательство Айяр», 2019

© Клара Ксенофонтова, 2019

ОҔО АЙМАХХА ЭҔЭРДЭ

Саҥа киһи кэлбитинэн

«Саҥа киһи күн сирин…»

 
Саҥа киһи күн сирин
Сирэм күөх таһаатыгар
Одун хаантан уураахтанан,
Чыҥыс хаантан ыйаахтанан
Олох суолун салгыы кэлбит
Үөрүүтүгэр муһуннубут,
Алыс үөрбүччэ-көппүччэ
Алгыс баһын сыалаатыбыт.
Ийэлээх аҕаҥ
Илгэлээх тапталларыгар бигэнэн,
Остуоруйа дойдутунуу
Олус дьоллоох оҕо саастан,
Кэрэни кэрэхсиир,
Үтүөнү өйдүүр
Киһи киэнэ кииллээҕэ буол!
Саха саргытын салайар
Сайаҕас санаалан,
Киһи кэскилин тэрийэр
Киэҥ мэйиилэн!
 

«Орто дойду ыалыгар…»

 
Орто дойду ыалыгар
Олох аанын тэлэйдэ.
Күүтүүлээх күндү киһибит,
Киирэн кэллиҥ бэбээрэн.
Ийэҥ, аҕаҥ тылларын
Эккэр-хааҥҥар иҥэрэн,
Киһи бэрдэ эн буолаар,
Киргэ-хоххо сыстымаар.
Эдэртэн эйэтин,
Кырдьаҕастан алгыһын,
Эгэлгэ кэрэтин ылынан,
Эриэккэс олоҕу олороор.
Кырдьаҕаска-кыаммакка
Көмөҕө өрүү кэлэр
Элэккэй, эйэҕэс
Эрчимнээх сүрэхтэн!
Саргылаах санааланан,
Саҥаны айар кыахтанаар,
Уйгуну сомсор
Улуу олохтоноор!
 

Төрөөбүт күҥҥүнэн Биир сааскынан

 
Биир сыл ааспыт
Күндү көмүс күөрэгэйбит
Күн сирин көрбүт
Бэлиэ күнүттэн.
Биир сыл ааспыт
Сүрэх күүскэ битийэн,
Бэлиэр ийэ, аҕа дэтэн,
Сиэлэ-хаама сылдьыбыппыт.
Ийэҥ истиҥ сыһыана
Иэйэхсиккэ тэҥнэстин,
Аҕаҥ амарах кыһамньыта
Айыыһыттыы арыаллаатын!
Ыарыы ыалласпатын,
Тумуу тумуннун!
Дьоллоох оҕо саастан,
Күн-түүн ахсымнык улаат!
 

Түөрт сааскынан

 
Чөмчүүк саас биир бэлиэ кэминэн —
Түөрт сааскын томточчу туолар,
Чэмэлкэй күннүү сыдьаайар
Түөрэҕиҥ түстэммит күнүнэн!
Күн өрүү бу курдук көрүөхтүн,
Күөх халлаан күлүмнүү күлүөхтүн,
Оҕо саас тырымнас сулуһа
Олоххор үөрүүнү үксэттин!
Улаата охсоҥҥун чугас дьоҥҥор
Туһа киһитэ эн буолаар,
Аймах дьоҥҥун ааттатаар
Үтүө, кэрэ тылынан!
Дьоллоох оҕо саастан
Дьону түмэр дьоҕурдан,
Чугастаргын чуоҕут,
Ыраахтаргын ыксалат.
 

Аҕыс сааскынан

 
Саһарҕа сааскын айхаллыы
Оҕо аймах тоҕуоруста,
Сандалы остуол тула
Эдэр-эмэн муһунна.
Күннүүн тэҥҥэ тэйэ оонньуур
Күлэр-үөрэр күҥҥүнэн!
Лыахтыын бииргэ көтөр-дайар
Көмүс, алтан кэмҥинэн!
Оҕо сааһыҥ мичилийэ
Сырдыкка, кэрэҕэ сирдээтин,
Үөрэҕи, билиини батыһар
Үтүө-мааны киһи дэттин.
Аймах дьонуҥ тоҕуоруһан,
Алгыс баһын сыалыыбыт.
Чырып-чырып чыычаахпытын
Чэгиэн турукка салайабыт.
Үөрүүҥ үрдүү турдун,
Үрдүгүнэн үргүөр үргүйбэтин!
Аламай күн тулаҕын сырдаттын,
Анныгынан аргыар аргыйбатын!
 

Уол оҕоҕо

 
Уол оҕо буолан уруйдаммыт
Ураты күҥҥүнэн,
Уон икки сааскынан
Уруй-туску аныыбыт!
Ириэнэхтэн иҥнибэт,
Тоҥтон толлубат,
Улахаҥҥа уолуһуйбат,
Кыраҕа кыһаллыбат
Уол оҕо чулуута,
Элик киэнэ бэрдэ буол!
Быстыбат бырдылан,
Эстибэт сэниэлэн!
 

Кыыс Куоҕа

 
Сиртэн сэрбэйиэххиттэн
Симээн улаатыннарбыт,
Симэх от курдук сэгэйбит
Сибэкки кэриэтэ кыысчааммыт!
Аламай күн айхалы аҕалла,
Турбут күн тускулу туһаайда.
Аймах-билэ дьонуҥ
Төрөөбүт күҥҥэр муһунна.
Кыыс оҕо кылааннааҕа,
Күн сиригэр көрүөхтэн эрэ
Кылбардыыр көмүһэ эн буол!
Ыраас күннүү күлүмнээн,
Ырыа кэриэтэ тырымнаан,
Харах көрөн сэргиир,
Кулгаах истэн чөрөҥөлүүр
Кэрэ симэҕэ буола улаат!
Тас көстүүнэн эрэ муҥурдаммакка
Ис дууһаҥ эмиэ сылааһынан илгийдин!
 

16 сааскынан

 
Уон алта сааскынан
Уруу-аймах дьонуҥ
Хоолдьуктуун хоҥкуйан,
Сүһүөхтүүн сүгүрүйэн,
Уруй тылларын утары уунабыт,
Айхал тылларын аныыбыт!
Дьоһуннаах суолу тутуһан,
Олох киэҥ аартыгын арыйан,
Саха саргытын салайсар
Сайдам санаанан салаллаар!
Ыарахаттартан чаҕыйбакка
Ыллыктаах суолунан айаннаар,
Тоҥтон толлубакка
Тулхадыйбат суолу тутуһаар.
Олоххор көрсөр эксээмэннэриҥ
Кэхтибэт кэскилгэ сирдээтиннэр,
Олох бары оллура-боллура
Киэҥ көҕүстээх оҥордуннар!
 

Оҕо көмүскэлин күнүнэн

«Оҕо баар буолан күн күлэр…»

Оҕо баар буолан күн күлэр,

Оҕо баар буолан сир симэнэр,

Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,

Оҕо баар буолан олох салҕанар.

Оҕо чаҕаархай күлүүтүнэн күммүт саҕаланар,

Оҕолор тустарыгар ийэ-аҕа долгуйар.

Оҕо туһугар олохпут салҕанар,

Оҕо көмүскэлин күнүнэн!

«Эргиллибэт ойор күннээх…»

 
Эргиллибэт ойор күннээх
Оҕо сааспытын санатар
Биһиги көмүс чыычаахтарбыт,
Оҕолорбут, сиэннэрбит!
Хас ыал аайы
Оҕо чаҕаарар саҥата чугдаардын,
Үөрбүт харахтара,
Хааман тоотоҥнуура,
Илиитин уунан даллатара,
Минньигэстик саҥаран чуопчаарара
Сүрэхпитин сылаанньыттын.
Ыраас халлааннаах,
Чаҕылхай күннээх,
Дьоллоох оҕо саастаах буоллуннар,
Оҕо ымыыта
Ыал ахсын
Кэлэ турдун,
Олоххо аартыктара арылыннын,
Ааты ааттатар
Ыччаттар буоллуннар!
Оҕо көмүскэлин күнүнэн!
 

Уһуйааны бүтэрбиккинэн

Күндү оҕобут!

Дьокуускай куораттааҕы «Кэскил» уһуйааныттан оскуолаҕа атаарар үөрүүлээх күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Саҥа, ураты эйгэҕэ үгүс-элбэх доҕоттордонуоҥ, араас дьиктини билиэҥ диэн эрэнэбит. Сайдыылаах өйдөөх-санаалаах, үтүө сиэрдээх-майгылаах чөл киһи буола улаат. Эн тускар олус кыһаллар төрөппүттэриҥ, иитээччилэриҥ үтүө баҕа санаалара туола турдун! Хас биирдии күнүҥ саҥаттан саҥаны арыйан, үрдүккэ, үтүөҕэ, билиигэ тардыһыыга ананнын!


«Кэскил» уһуйаан иитээччилэрэ

Оскуолаҕа киирбиккинэн

«Көмүс дуйдаах күһүннүүн…»

 
Көмүс дуйдаах күһүннүүн
Аргыстаһан, көтөн-дайан,
Тиийэн кэллэ мичилийэн,
Билии күнэ биһиэхэ.
Оҕо аймах мустан
Оскуолаҕа субуста,
Учууталлар долгуйан
Уруй-айхал эттилэр.
Баанчык, көстүүм кэтэҥҥин
Олус долгуйан, кэтэһэн,
Кырачаан киһи,
Оскуолаҕа эн бардыҥ.
Учууталыҥ кэпсээнин
Болҕойоҥҥун истээр дуу,
Уһуйааныҥ үөрэҕин
Умсугуйан ылынаар.
Үөрэх-билии аартыга
Үрдүк чыпчаалларга сирдээтин!
 

«Үөрэх суола тыргыллар…»

 
Үөрэх суола тыргыллар,
Ыраах айан субуллар,
Күүстээх үлэ, сырдык ыра
Хамсанарга ыҥырар.
Олус сырдык, олус кэрэ,
Оҕо сайдар биһигэ,
Оскуолабыт киэркэйэн,
Аанын киэҥник арыйар.
Чоҕулуҥнас харахтаах,
Мэник-тэник бэйэлээх
Кыра киһи айманан,
Оскуолаҕа эн кэллиҥ.
Билии киэҥ аартыгар
Эрдээхтик хардыылаар!
Барҕа баайы сомсоҥҥун
Үрдүккэ дабайаар!
 

«Сонуну, саҥаны биллэрээри…»

 
Сонуну, саҥаны биллэрээри,
Сайдыы суолун тутуһуннараары,
Алгыс этэн, тэрийэн
Атаардыбыт эйигин.
Аан дойдуну анаараҥҥын,
Арыйаар саҥаттан саҥаны,
Үөрэхтээх бэрдэ буолаҥҥын
Үтүө үлэһит аатыраар!
 

«Көмүс күһүн угуйда…»

 
Көмүс күһүн угуйда
Билии-сайдыы аартыгар,
Оҕо дьону ыҥырда
Үөрэх сырдык кыһата.
Күүппүт кэрэ кэмиҥ
Тиийэн кэллэ тигинээн,
Кыра бэйэҥ дьоһумсуйан,
Тэтэрээт, суумка кыбыныаҥ.
Сайдыылаах үйэ тэтиминэн
Саҥа саҕахтары арыйан,
Үөрэх, билии ыллыгынан
Үөһэттэн үөһэ эн дабай!
 

Тиһэх чуораанынан, ситии-хотуу аттестатын ылбыккынан

«Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн…»

 
Сибэкки тутуурдаах турбуккут сиэттиһэн,
Кырачаан бэйэҕит улахан суумкалаах,
Күн үөрэ мичээрдээн эһиэхэ кыттыһан,
Бастакы чуорааны тыаһатар курдуга…
Ол кэмнэр өйгүттэн сүппэккэ
Олоҕуҥ биир бэлиэ кэрдииһэ буоллуннар,
Оскуолаҥ, учууталларыҥ үөрэхтэрэ
Олох күөнүгэр сирдээтиннэр!
Ситии-хотуу аттестатын ылыыҥ
Бүгүҥҥү күнүнэн бүппэтин,
Сир-халлаан хайа да муннугар
Ситиһии сиэттиһэ сырыттын!
 

«Уорсуйар улуу байҕал…»

 
Уорсуйар улуу байҕал
Көҕөрүмтүйэн көстөр
Киэҥ-нэлэмэн таһаатыгар
Уруйдаан-айхаллаан атаарар
Долгутуулаах күммүт үүннэ.
Оскуоланы бүтэрдиҥ,
Олоххо син уһуйулуннуҥ.
Эн иннигэр аны арыллар
Эндирдээх кини аана.
Кыһалҕаны кыайар
Кынаттаах ыраланаар,
Ыараханы баһыйар
Ыйдаҥалаах санааланаар!
 

«Бүтэһик чуораан чугдаарар…»

 
Бүтэһик чуораан чугдаарар
Долгутуулаах күнүнэн!
Бары да күүппүт
Дьоһун-мааны кэминэн!
Олоххут бастакы үктэлин
Оскуолаҕытын умнумаҥ,
Киэҥ суолга сирдээбит
Кэрэ дьону – учууталлары.
Баҕа санааҕыт барҕара туоларыгар
Бары моһоллору туоруур
Баараҕай санаанан салаллыҥ,
Баар билиигитин туһаныҥ!
Саргылаах санааҕыт
Салаллан иһиэхтин,
Тутуспут суолгут
Тупса туруохтун!
 

ДЬОРО КҮННЭРГЭ
Үбүлүөйдэргэ

Биэс уон саас…

 
Эн иннигэр арыллар
Олох саҥа страницата:
Көрө илик сириҥ-дойдуҥ,
Саҥа ыраах саҕахтарыҥ.
Биэс уон саас…
Эн иннигэр арыллар
Олох саҥа страницата:
Эн эдэргин, эрчимнээххин
Сарсыҥҥы күнү күүтэргиттэн,
Эдэргин сүрэҕиҥ кэрэттэн
Өссө да долгуйа мөхсөрүттэн…
 

Эр киһиэхэ 50 сааһынан

 
Үлэ диэн баран муннукка ытаабыт
Биир дьикти киһибит —
Баарбыт-суохпут, тылбыт-өспүт,
Куолубут хаата,
Дьэ, киһи мааныта,
Кини обургу кэлэн-баран,
Үлэлээн-хамсаан,
Бүтэрэн-оһорон,
Кыайан-хотон,
Быһата, киһи бастыҥа.
Үлэтэ суох олох тэһийбэт,
Олорон хааллаҕына,
Тыына кыарыыр.
Дьэ, киһи чулуута.
Биһиги атаспыт
Биэс уонун бэлиэтиир
Бэлиэ киэһэтигэр
Биһигини ыҥырда.
Сүрэҕиҥ баҕатын
Сүһүөҕүҥ уйдун,
Сайдам санааҥ саппаҕырбатын,
Өрөгөй-талаан үөрдүстүн,
Үөрүүҥ-көтүүҥ үрдээтин!
 

Физика учууталыгар 60 сааһынан

 
Эн бүгүн сүүрбэҕин үс төгүл туоллуҥ,
Ол иһин сүүрбэлээх уол курдук буоллуҥ:
Соччону үөрдүҥ, соччону долгуйдуҥ,
Соччонон сэтэрэр уоҕунан оргуйдуҥ.
Учуутал, эн дьоллооххун,
Кимиэхэ эрэ хатат кыымын
Сүрэҕэр сахпыт буоллаххына,
Оҕо аймаҕы олох суолугар
Олук ууран, далаһа кэбиһэн,
Олоххо таһаарсыбыт буоллаххына…
 

Эйигин өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан туран, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! «Ханнык да идэҕэ дьоҕуру аан бастаан учуутал арыйар» диэн этии олохтооҕо эн айымньылаахтык үлэлиир үтүө холобургуттан көстөр. Ол курдук ыччаты физика предметин таптыырга, ураты үлүһүйүүгэ сирдээтиҥ, айдыҥ-туттуҥ, киэҥ дуолга көччөх гынан көтүттүҥ. Үөрэнээччилэриҥ норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Россия араас таһымнаах күрэхтэрин призёрдара, дипломаннара буолан, кыайыы кынаттанан, өрөгөй көтөллөнөн, оскуоланы инники күөҥҥэ таһаардылар. Физическэй кылаас оҕолоро лиссиэйи ситиһиилээхтик бүтэрэн, Россия араас муннугар үөрэнэ, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол иһин үөрүүбүт үс төгүл үрдүүр, инникитин да үтүөнү-кэрэни көһүтэр эрэлбит күүһүрэр.


«Учуутал – дууһа инженерэ» дииллэр. Ол тэҥэ үөрэнээччилэргэр чиҥ билиини биэрэриҥ сэргэ киһи быһыытынан сахалыы сиэрдээх майгылаах, илиилэрин ыһыктыбакка үлэлиир дьоҕурдаах буолан тахсалларыгар сыраҕынсылбаҕын уураҕын. Баҕарабыт бүгүҥҥүҥ курдук эдэрдии эрчимнээх, уҕараабат уохтаах буоларгар! Дьиэ кэргэҥҥэр сырдык ыраас халлааны, чөл туругу! Ыарыы ыалласпатын, тумуу тумуннун!

Der kostenlose Auszug ist beendet.