Umfang 290 seiten
2024 Jahr
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн
Über das Buch
Бу кинигэҕэ босхоҥ оҕо ытык-мааны көтөргө – кыталыкка сүгүрүйүү көмөтүнэн, таптал кынатыгар уйдаран, олоххо тардыһыы, дьулуур күүһүнэн атаҕар туран, киһи быһыытынан үүнүүтүн-сайдыытын туһунан кэпсэнэр. Кинигэ геройа сэдэх көтөрдөрү сырсан, Саха сирин маардарын, үрэхтэрин, күөллэрин кэрийэ сылдьан араас мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэр.
Ааптар тус олоҕор буолбут түгэннэри олус көрдөөхтүк, сэргэхтик кэпсиир.
Genres und Tags
Билигин бэйэм отучча сыл учууталлаан баран санаатахпына, ардыгар биһиги учууталлар оҕо хас биирдии хардыытын, кини санаатын барытын билэр уонна өйдүүр курдук туттабыт. Бэйэбитин хаһан да сыыспат, хаһан да алҕаһаабат дьонунан ааҕынабыт. Хас биирдии оҕо кыһалҕатын билэн, алҕас туора үктэммитин өйдөөн, бириэмэтигэр уонна миэстэтигэр сөпкө быһааран, оҕо олоҕун ыараппакка, төттөрүтүн чэпчэтэ сатаан, оҕону ыарахан кэмигэр кэлэппэккэ, бэйэтиттэн тэйиппэккэ, учуутал киһи дурдахахха, көмүскэл буолуохтаах